Күннээҕи гороскоп: тохсунньу 2 күнэ
Бу күн успуордунан дьарыктанар уонна сөпкө сынньанар ордук суолталаах. Сыл саҕаланыыта буолан, саҥа сыал-сорук туруорунарга, былаан оҥосторго үчүгэй кэм. Кэлэр ыйдарга анаан үлэ уонна сыанньалаҥ былаанын оҥостуҥ. Саҥа саҕалааһыннары уонна билсиһиилэри олохтооһуҥҥа табыгастаах күн. Ый үүнүүтэ сайдыы төрүөтүнэн инникитин ситиһиилээх саҥа бырайыактары оҥорон таһаарарга көмөлөһөр.
Хой
Энергетическэй күүстээх күн. Саҕалааһыннар бары ситиһиилээхтик буолуохтара. Дьыалабыай көрсүһүүлэри ыытар, успуордунан дьарыктар табыгастаах күн. Күннээҕи сүбэ: араас баҕа санаалары хонтуруоллааҥ, былаан быһыытынан үлэлээҥ.
Оҕус
Үп-харчы өттүнэн туруктаах буолуу уонна тугу эрэ атыылаһарга табыгастаах күн. Бу күн эйигин табыллыы, инвестицияны атыылаһыы күүтэр, ол эрээри сиэри таһынан харчыны ыһымаҥ. Күннээҕи сүбэ: бүддьүөт былаанныырынан дьарыктаныҥ.
Игирэлэр
Дьонус-сэргэни, доҕоттору кытта алтыһарга уонна саҥаны үөрэтэргэ үчүгэй күн. Кэпсэтиилэри ыытар, үөрэҕи былаанныыр ордук. Күннээҕи сүбэ: саамай сүрүнэ диэбиккитин талан ылан дьарыктаныҥ.
Араак
Уйулҕа өттүнэн сынньаныы уонна дьиэ кэргэни кытта үчүгэй сыһыаны күүһүрдүү күнэ. Дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах үлээнэн дьарыктаныҥ, чугас дьоҥҥун кытта күнү атаарар ордук. Күннээҕи сүбэ: Бу күнү дьиэ кэргэҥҥитин кытта атаарыҥ.
Хахай
Айар талаанын күүһүрэр, тугу эрэ саҥаны билэр-көрөр, үөрэтэр күн. Дьон иннигэр тыл этэр, айар талааҥҥын сайыннарар табыгастаах күн, ол эрээри бэйэни сыаналаан көрөр эмиэ наадалаах. Күннээҕи сүбэ: уопуккутун кытта чугас дьоҥҥутугар үллэстиҥ.
Кыыс
Үлэни тэрийэр уонна тэрээһини ыытар күн. Иникини былаанныыр, сааһылыыр табыгастаах кэм. Бэйэни күүскэ кириитикэлиир сатаммат. Күннээҕи сүбэ: барытыгар бэрээдэги олохтооҥ.
Ыйааһын
Табыллыыны сылыктыыр уонна уллахан быһаарыылары ылынар кэм. Кими эмит кытта кыттыһар, сыһыаны күүһүрдэр, кэпсэтиилэри ыытар табыгастаах күн. Күннээҕи сүбэ: интуицияҕа итэҕэйиҥ.
Скорпион
Бэйэни уларытар уонна улахан уларыйыылары киллэрэр кэм. Чинчийииэлэри ыытар, былааннааһыны киллэрэр ордук. Күннээҕи сүбэ: ааспыты ыытыҥ.
Охчут
Баары кэҥэтэр уонна саҥа кыахтары арыйар күн. Ханна эрэ айаҥҥа турунар, ыалдьыттыы барар табыгастаах кэм. Барытын үлүннэрэртэн куотунуҥ, баһааҕырдар сатаммат. Күннээҕи сүбэ: табыллар диэбит сыалы-соругу туруорунуҥ.
Чубуку
Барытыгар ситиһиилэри дабайар күн. Үлэҕэ сыһыаннаах, дьыалабыай көрсүһүүлэри ыытар ордук. Аһары үлэлииртэн куотунуҥ. Күннээҕи сүбэ: үлэни уонна сынньалаҥы араарыҥ.
Күрүлгэн
Креативнай идеялары уонна инновациялары олоххо киллэрэр күн. Чинчиийиилэри ыытарга, саҥа бырайыактары оҥорорго табыгастаах кэм. Күннээҕи сүбэ: ураты идиэйэлэри олоххо киллэриҥ.
Балыктар
Духуобунай үүнүүнү уонна интуицияны сайыннарар күн. Медитация, айар үлэнэн дьарыктанар ордук. Сымыйаттан, албынтан куотунуҥ. Күннээҕи сүбэ: ис куоласкытын иһиллээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: