Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?
23.11.2024, 19:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.
Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн суруйаллар.
- Кыһыл өҥ баһыйар буоллаҕына, оҕо үлэһит, ол эрээри биир сиргэ таба олороро, болҕомтолоох буолара уустук. Онон утуйар хоһугар от күөҕэ дьүһүн баһыйара ордук, оҕо уоскуйар.
- Араҕас өҥ — айар дьоҕура сайдыбыт. Мэниктиирин, дьээбэлэнэрин сөбүлүүр. Ол иһин кыһыл уонна үрүҥ өҥнөрүнэн хараҕын сымнатаргыт ордук.
- Халлаан күөх — кини холку майгылаах. Толкуйдаан, ырыҥалаан баран хамсанарын сөбүлүүр. Соҕотоҕун сылдьарын ордорор. Кытарымтыйар саһархай эбэтэр оруосабай өҥнөр соҕотохсуйуутуттан көмүскүөхтэрэ.
- От күөх — оҕо тапталы ситэри билбэтиттэн тахсыан сөп. Бэйэтин умнууга барбыт, быраҕыллыбыт курдук сананыан сөп.
- Фиолетовай өҥ — оҕо олус баай фантазиялаах, оҥорон көрө-көрө кэпсиир, айа-тута сатыыр буолуон сөп.
Саха ыалын халандаарыттан, 2015 c.
«Айар» («Бичик») кинигэ кыһата.
+1
3
+1
1
+1
+1
+1
2
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: