Салгыы
Лабыҥкыр күөл туһунан киинэтэ устан, бириистэ сүүйүҥ

Лабыҥкыр күөл туһунан киинэтэ устан, бириистэ сүүйүҥ

07.06.2024, 19:30
Хаартыска: 100якутия.рф
Бөлөххө киир:

«Дальний Восток — Земля приключений» куонкурус ыытылла турар. Саха сирин ураты сирдэригэр сылдьан, күүлэйдээн баран, хаартыскаҕа, видеоҕа устан, бу куонкуруска кыттыахха сөп. Биир оннук ураты кэрэ сиринэн Лабыҥкыр күөлэ буолар.

Лабыҥкыр күөлэ Өймөкөөн улууһугар баар. 14,3 килэмиэтир уһуннаах уонна 4 килэмиэтир кэтиттээх. Дириҥэ ортотунан 52,6 миэтэрэ. Күөл түгэҕэр олус дириҥ хайа барыы баар — онон 80 миэтэрэҕэ диэри дириҥиир. Сабаҕалааһын быһыытынан, күөл сир аннынааҕы уулары кытта ситимнэһэр. Кыһын 50 кыраадыс тымныыга күөл уута олус бытааннык тоҥор, учуонайдар ол төрүөтүн быһаара иликтэр.

Олохтоохтор Лабыҥкырга улахан биллибэт кыыл баар дииллэр. Кыылларга, бэл, тайахтар уулуу турдахтарына саба түһэр уонна ууга соһор диэн кэпсииллэр.

2005 сыллаахха «Искатели» биэрии эспэдииссийэ оҥоро сылдьыбыта, күөл түгэҕэр улахан кыыллар уҥуохтарын булбуттара.

Бу куонкуруска кыайбыт киһи 3 мөлүйүөн солкуобайы, 2-с миэстэлээх — 300 тыһыынча солкуобайы, 3-с миэстэлээх — 100 тыһыынча солкуобайы ылыахтара.

Сиһилии  путешественникдв.рф  саайтка ааҕыахха сөп. Куонкурус бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн тэриллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: