Лариса Атласова-Алыптаах: «Эрэнэ күүтэбит ол дьоллоох күммүтүн»

Share
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут  26-с кыттааччыта Хаҥалас Өктөмүттэн Лариса Атласова-Алыптаах:

Эрэнэ күүтэбит ол дьоллоох күммүтүн

Сир Ийэ үрдүнэн ыар ынчык иһиллэр,

Сырдыга көстүбэт хараҥа сабардыыр,

Хаарыаннаах эр дьоммут хомуурга бардылар,

Хара дьай утары кэккэлии турдулар.

Итэҕэй, дьылҕа хаан уунуоҕа көмөтүн,

Инники сылдьарга анаммыт буойуҥҥа,

Дойдутун, норуотун көмүскүү туруммут,

Дохсуннук киирсэргэ санаммыт уолаҥҥа.

Эргиллэн кэлиэххит кыайыыны уһансан,

Эрэнэ күүтэбит ол дьоллоох күммүтүн,

Эйэлээх олохпут ырыатын ыллыахпыт,

Эйэҕэс эҕэрдэ эргиччи этиэхпит.

Өстөөхтөн самныбат саргылаах эр дьоммут,

Өрөгөй тойугун туойаҥҥыт үөрдүөххүт,

Эстибэт эрчими күөрэччи тутаҥҥыт,

Эһэлэр килбиэннээх суолларын салҕыаххыт!

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сылгы этин ханна сииллэрий?

Саха омук биир сүрүн уратытынан сылгы иитиитэ буолар. Кырдьыга, Дьөһөгөй оҕото сахаҕа аргыс буолан, тыйыс…

4 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» каадыр бырагырааматын кыттыылаахтарын кытары көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн "Саха сирэ - дьоруойдар дойдулара" каадыр бырагырааматын кыттыылаахтарын кытары көрүстэ.…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нолуокка иэһи суута суох тутан ылар буолуохтара

Сэтинньи 1 күнүттэн нолуок сулууспата иэстээх дьонтон иэстэрин суукка биэрбэккэ эрэ, быһалыы ылар буолуоҕа. Урут…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыас ийэтигэр материальнай көмө оҥоһулунна

Усуйаана улууһугар борокуратуура орооһуутун кэнниттэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтигэр материальнай көмө оҥоһуллубут.   Усуйаана…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

10 оҕолоох икки ыалга дьиэни ыларга көмөлөстүлэр

Саха сиригэр 2025 сылга 10 уонна онтон элбэх оҕолоох икки ыал дьиэни атыылаһыыга эбэтэр туттууга…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сымыйа «больничнайы» толорторон, сууттанна

Ленскэйгэ оройуоннааҕы балыыһа санитарката сууттанна. Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Ленскэйдээҕи оройуон суутунан, 49 саастаах дьахтар…

3 часа ago