Бу күннэргэ Горнай улууһун Маҕараһыгар «Аартык» түөлбэҕэ сынньалаҥ паарката тутуллан үлэҕэ киирдэ.
Тутуу «Уһук-Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн барда.
Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ араас саастаах дьон сынньалларыгар, таһырдьа спордунан дьарыктаналларыгар анал былаһааккалаах, амфи-тыйаатырдаах паарка аһыллан, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.
Нэһилиэк тас көстүүтэ тупсан, киэркэйэн, өссө биир туһалаах эбийиэк тутуллан, Маҕарас мантан инньэ өссө тупсарыгар олук уурулунна.
Бырайыак ааптара — «Nomadic» aрхитектурнай бюро салайааччыта Айталина Брызгалова. Бэдэрээччит — «Охоноос» ХЭУо.
Саҥа паарканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус баһылыгын э.т. Алгыс Стручков, «Одуну нэһилиэгэ» МТ баһылыга Владимир Текеянов уонна «Охоноос» тэрилтэ салайааччыта Василий Оконосов арыйдылар.
Маҕараска буолбут үөрүүлээх тэрээһини улуус дьаһалтатын пресс-киинэ телеграм-ханаалга сырдатта.
Хаартыска — дьаһалта телеграм-ханаалыттан.
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …