Максим Терещенко: «Өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын эйгэтиттэн тыылтан күүстээх көмө оҥоһуллар» (ВИДЕО)

Максим Терещенко: «Өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын эйгэтиттэн тыылтан күүстээх көмө оҥоһуллар» (ВИДЕО)

Ааптар:
22.12.2022, 11:16
Бөлөххө киир:

Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр нэһилиэнньэ, туох кыалларынан, туох сатанарынан, көмөлөһөр. «Норуо күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар. 

Бырамыысыланнас эйгэтиттэн тыылтан туох көмө оҥоһуллубутун, оҥоһулларын туһунан СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко  маннык билиһиннэрдэ:
— Аармыйаҕа ыҥырыллан барааччылар пууннарыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит бырамыысыланнаһын тэрилтэлэрэ туох наадалааҕынан көмөлөһө биир бастакынан кэлбиттэрэ. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ, быстах хомуурунан ыҥырыллыбыт саллааттарга туох кыаллар көмөнү оҥорууга биһиги тэрилтэлэрбит хара бастакыттан кытталлар.
Ол курдук, мобилизованнайдарга аармыйа усулуобуйатыгар кэтэргэ сөптөөх таҥаһы-сабы, малы, сухпаек курдук бородуукталары булан тиксэрии үлэлэрэ салҕана турар. Холобур, “Сахатранснефтегаз” АУо бу Саҥа дьыл иннинэ 300 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү оҥорон, саппыкыттан саҕалаан үрүсээккэ, тобукка баанарга уо.д.а тиийэ наадалаах экипировка ылылларыгар көмөлөһөр.  Ону тэҥэ, “Саханефтегазсбыт” тэрилтэ өттүттэн көмө оҥоһулла турар. Киров чохтоох разреһыттан саллааттар дьиэ кэргэттэригэр чоҕу тиэйии оҥоһуллар.

Ил Дархан Айсен Николаев олорор дьиэлэргэ гааһы киллэрии бырагырааматыгар быстах ыҥырыынан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоммут дьиэлэрин гаастааһыҥҥа 150000 солкуобайдаах субсидияҕа тиксэллэрин туһунан этиини өйөөбүтэ. Бу курдук бырамыысыланнас өттүттэн араас өрүттээх көмөнү оҥоруу тэриллэн ыытыллар.
Дойдубут анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыайыыны ситиһэрин туһугар өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын эйгэтиттэн тыылтан күүстээх көмө оҥоһуллар.

Салгыы видео-устууну истиҥ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 71% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: