Марина Бахилина Алдаҥҥа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын аймахтарын кытары көрүстэ
Алдан куорат дьаһалтатыгар баһылык Александр Бугай Саха сиригэр дойду байыастарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилинаны байыаннай сулууспалаахтар чугас дьоннорун, уопсастыбанньыктары, дьокутааттары кытары көрүһүннэрдэ.
Марина Бахилина кэмитиэт эрэгийиэннээҕи үлэтин, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туох көмө оҥоһулларын туһунан сиһилии кэпсээтэ.
«Игорь Юргиҥҥа Арассыыйа Дьоруойа аата иҥэриллибитинэн Алдан олохтоохторун ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр ортолоругар Алдантан тахсыбыт Дьоруой баара саныырга да үчүгэй. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр алданнар кыайыыга улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ, ыар кэмнэргэ эрэллээх тыыл буолбуттара. Бүгүн байыаннай дьайыы кэмигэр бэйэҕит көмөҕүтүн эмиэ киллэрэ сылдьаҕыт», — диэтэ Марина Бахилина.
Алдан баһылыга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытары үлэ хайдах барарын туһунан кэпсээтэ. Баар боппуруостары, кыһалҕалары быһаарыыга үлэ кэмигэр ыытылларын бэлиэтээтэ.
Көрсүһүү кэмигэр мустубут дьон Марина Бахилинаҕа байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр чэпчэтиилээх ипотеканы олохтооһун туһунан этии киллэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: