«Мээр дуоһунаһыгар хандьыдааттары куонкуруһунан талар ордук»
Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Алексей Осипов куорат аҕа баһылыгын дуоһунаһыгар хандьыдааттары эрдэттэн ыытыллар куонкуруһунан талыы үрдүк таһымнаах каадырдары буларга көмөлөһүө диэн санаалаах.
— Элбэх куораттар уонна сэлиэнньэлэр уопуттарыттан көрдөххө, дьаһалтаҕа саамай үчүгэй баһылык — олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар, суолу тутууга, тупсаран оҥорууга, бүддьүөт сокуонугар быһаарсар киһи буолар. Бэлиитикэҕэ уонна кураанах куолуга эрэ күүстээх киһи үчүгэй хаһаайыстыбанньык, салайааччы буолара саарбах, — диэн Алексей Дмитриевич этэр.
Киин куорат мээрин талыы ньыматын туһунан кэпсэтии күөрэйбитэ хас да сыл буолла. «Ол саҕана дойдуга да, биһиэхэ да букатын атын усулуобуйа этэ. Билигин үгүстэр куонкурус нөҥүө талары өйүүллэр, тоҕо диэтэххэ, ити саамай үчүгэй ньыма», — диэн дьокутаат этэр.
— Билигин былаас уорганнарыгар бары түмсэн үлэлиирбит ирдэнэр. Саамай сүрүнэ, салайааччы үрдүк таһымнаах профессиональнай хаачыстыбалардаах буолуохтаах. Онон үгүстэр мээр салайар эйгэҕэ анал үөрэхтээх уонна үлэлээбит уопуттаах буолуон баҕараллар. Куонкурус маннык ирдэбиллэри тутуһар, — диэн Алексей Осипов санаатын үллэстэр.
Дьокуускай куорат Гордуматын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: