Муус тиэйдилэр
Соҕотох оҕобут былырыын байыаннай дьайыыга барыаҕыттан наар кинини күүтэ олоробут. Итинник олордохпутуна, Хатастан 7 №-дээх обургу оҕо успуорт оскуолатын (ДЮСШ) оҕолоро биһиэхэ муус аҕалан соһуттулар, үөртүлэр. “Байыаннай дьайыыга сылдьар дьон аймахтарыгар муус аҕалан көмөлөһөбүт”, – дииллэр. Спортивнай эрчиллиилээх икки уол аҕалбыт муустарын түргэнник массыынаттан сүөкээн кэбистэ.
Бу оскуола кэлэктиибигэр үтүөнү оҥорбуккутугар махтанабыт. Үчүгэй, сайаҕас оҕолору иитэр эбиккит.
Уолбут от ыйын 21 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан инники кирбиигэ сүппүт диэн биллэрии кэлиэҕиттэн ыла, ханна көрдүү барарбытын быһаарбакка олоробут.
Таарыйа кэпсээтэххэ, Владимировка, уопсайынан, сайын да, кыһын да ууга улахан кыһалҕаны көрсөр. Иһэр ууну таһар массыыналаахтары билсэр эрэ буоллаххына, абыранаҕын. Билигин маҕаһыына суохпут, күн аайы килиэп ыла куоракка барарга күһэллэбит. Оттон Табаҕаттан ааһар оптуобуска куруук туран айанныыбыт. Бу 80-85 саастаах дьоҥҥо ыарахан. ЯПАК дириэктэрэ Э.Садовников эппиэтэ: “Барыстаах буоллаҕына сылдьыа”.
Поповтар,
үлэ бэтэрээннэрэ, биэнсийэлээхтэр.
Дьокуускай, Владимировка сэл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: