Суол-иис төһө оҥоһулунна?

Суол-иис төһө оҥоһулунна?

Ааптар:
07.01.2025, 15:40
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» бырайыак иитинэн, Саха сиригэр 2019-2024 сс. уопсайа 1 430 км тахса усталаах эрэгийиэн суола оҥоһулунна.

Сүрүн бырайыактар ортолоругар — Горнай улууһугар «Кэбээйи» айан суолун тутуу, Тиит Арыы учаастагар «Умнас» айан суола — Тумул, Хаҥалас улууһугар, «Бүлүү» айан суолун 524-с айан суолугар — Бүлүү улууһугар Кыһыл Сыырга хапытаалынай өрөмүөн, Нам улууһугар «Нам» суолун саҥалыы уларытан оҥоруу уонна «Умнас» трассаҕа Покровскай куоракка диэри киирэргэ айан суола оҥоһуллубут.

Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал туһаайыытыгар бэлиэтээбитинэн, «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» бырайыагы түмүктүүргэ 395 км суол үлэҕэ киллэриллибит. 2024 сылга биэс муоста тутуллубут уонна өрөмүөннэммит:  «Яна» айан суолугар өрүһү туоруур муоста, «Өймөкөөн» суолугар Куйдуһун уонна Күбүмэ, «Кэбээйи» суолугар Хатыҥ Үрэх уонна Чуоналыыр «Анаабыр» суолугар.  2019 сылтан барыта 2 665 км айан суола уонна 55 муоста нуормаҕа эппиэттиир гына оҥоһуллубуттар.

2025 сылтан  «Куттала суох хаачыстыбалаах суолла» бырайыак салгыыта — «Инфраструктура для жизни» саҥа бырайыагы олоххо киллэрии саҕаланыа.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 января
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: