Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Нам сэлиэнньэтин «Эҥсиэли» стадионугар улуустааҕы «Дьиэ кэргэнинэн сүүрүү» тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо успуордун сылларыгар ананна. Ленскэй нэһилиэгиттэн, Хатыҥ Арыыттан, Партизантан, Салбаҥтан, Хамаҕаттан дьиэ кэргэттэр мустаннар көхтөөхтүк кытыннылар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хас биирдии кыттааччы мэтээлинэн уонна туоһу суругунан наҕараадаланна, ону сэргэ анал номинациялар ананнылар. Ол курдук, «Саамай эдэр кыттааччы» номинация — Хатыҥ Арыыттан Семенова Сиянаҕа, «Саамай аҕа саастаах кыттааччы» — Партизантан 67 саастаах Григорьев Аркадий Николаевичка, «Саамай улахан дьиэ кэргэн» — Ленскэй нэһилиэгиттэн Азаровтар дьиэ кэргэттэригэр, «Саамай айымньылаах дьиэ кэргэн» — Салбаҥтан Винокуровтар дьиэ кэргэттэригэр иҥэрилиннэ. Анал аат кыайыылаахтарыгар 5 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри туттардылар, сыаналаах бириистэринэн бэлиэтээтилэр.
Бу курдук улуус көхтөөх дьиэ кэргэттэрэ өрөбүл күнү туһалаахтык атаардылар. Сүүрүү бырааһынньыга дьиэ кэргэн бары араҥатын түмэн, бэртээхэй сынньалаҥ буолан ааста.
Видео: улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…