Нам улууһугар күүһүнэн кирэдьиит ылларыы дьыалата арылынна
26.03.2024, 21:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
ИДьМ сулууспатын Нам улууһун отделениетыгар биир үөрэх тэрилтэтин күнүскү өттүгэр үөрэнэр устудьуона сайабылыанньа киллэрдэ.
Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Эдэр эмсэҕэлэнээччи кырбыыр-хаайар күүһүнэн кыра больдьохтоох кирэдьиит ылбыт уонна харчытын барытын биир кууруска үөрэнэр устудьуоҥҥа туттарбыт.
Суһал-көрдүүр дьаһалларынан 18 саастаах уорбаланааччы тутулунна. Кини 50000 солк. кэриҥэ харчыны Дьокуускай куорат түүҥҥү кулууптарыгар ороскуоттаабыта билиннэ.
Уорбаланааччы эдэр устудьуоҥҥа РФ Холуобунай Кодексатын 1 ч. 163 ыст. холуобунай дьыала тэрилиннэ. Ону таһынан үөрэҕиттэн уһулунна.
+1
1
+1
+1
+1
1
+1
4
+1
1
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: