Бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр, Нам сэлиэнньэтигэр саха биллиилээх учуонай-палеонтолога, биологическай наука доктора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Нам улууһун Ытык киһитэ Петр Алексеевич Лазарев сырдык аатын үйэтитэр «Мамонт искибиэрэ» үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Петр Алексеевич Нам улууһун Иккис Хомустаах нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Нам орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, Москватааҕы государственнай университет географическай факультекка ситиһиилээхтик үөрэнэн, кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит. Олоҕун бүттүүн наукаҕа анаабыт киһинэн буолар. Аан дойдутааҕы мамонт музейын төрүттээччи.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, Ленскэй нэһилиэгин депутаттарын сэбиэтин председателэ Егор Охлопков, Петр Лазарев олоҕун аргыһа Татьяна Ивановна, аллар атаһа, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессора Иннокентий Сивцев, бииргэ үлэлээбит коллегата, ХИФУ Хоту сир прикладной экологиятын чинчийэр институт директора Григорий Саввинов, «Сайсары» народнай ансаамбыл салайааччыта Светлана Степанова, балтыта Людмила Васильева эҕэрдэ тылларын эттилэр, Петр Алексеевич олоҕун, айар үлэтин ахтан аастылар.
Бу сквер оҥоһуллуутугар улахан үлэни Петр Лазарев дьиэ кэргэнэ, хаан-уруу аймахтара улуус, олохтоох дьаһалталары кытта бииргэ сүбэлэһэн ыыттылар. Бырайыагын, эскиһин аймахтара толкуйдаан ойуулаан оҥорбуттар. Сквер сүрүн үлэтин – монумены, мамоннары биллиилээх худуоһунньук-скульптор Николай Огонеров чочуйан таһаарбыт, оттон олбуорун Игнатий Казанов оҥорбут.
Бу сквер аттынан Петр Алексеевич аатынан уулусса ааһар. Манна 90 учаастак тыырыллан турар, сотору кэминэн саҥа кыбартаал үөдүйүөҕэ. Оччоҕо бу сквергэ дьон-сэргэ, оҕо-аймах тохтоон, көрөн, сынньанан ааһар ытык сирдэрэ буолуоҕа.
Үтүө киһибит сырдык аата үйэлэргэ ааттана туруоҕа.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…