Салгыы
Наталья Кашперская: «Саха сиригэр уопсастыбаннай кэтээн көрүү үрдүк таһымнаах»

Наталья Кашперская: «Саха сиригэр уопсастыбаннай кэтээн көрүү үрдүк таһымнаах»

15.03.2024, 20:33
Бөлөххө киир:

Уһук Илин эрэгийиэннэригэр кэтээн көрөөччүлэри бэлэмнээһин дойду үрдүнэн биир саамай үрдүк таһымнаах. Ону Саха сирин уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Наталья Кашперская бигэргэтэр, кини Бэрэсидьиэн быыбарын бастакы күнүттэн өрөспүбүлүкэҕэ уонна кини оройуоннарыгар куоластааһын хаамыытын кэтээн көрөр.

Хара сарсыардаттан кини өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататын уопсастыбаннай кэтээн көрүүтүн киинигэр быыбардыыр учаастактарга холбоммут, видеокамераларынан быыбар хаамыытын кэтиир.

Наталья Альбертовна куоластааһын кэмигэр быыбар учаастактарыгар ирдэбили кэһии суоҕун бэлиэтиир.

«Саха сиригэр быыбар хайдах баран иһэрин уопсастыбаннай кэтээн көрүү үрдүк таһымҥа тэрилиннэ. Быыбар учаастактарыгар үлэлиир бары кэтээн көрөөччүлэр бэлэмнэнии барбыттара. Кылаабынайа – бу Арассыыйа патриоттара, өрөспүүбүлүкэҕэ быыбардар чиэһинэйдик барарын мэктиэлиир, куоластааһын олохтоохтор көҥүллүк быһаарыналларын толору көрдөрөр», — диир Наталья Кашперская.

«Мин бүгүн 740-с №-дээх учаастакка куоластаабытым, онно элбэх ыччат куоластыы кэлбитин көрөн астынным. Урут буоларын курдук, аҕам саастаахтар эрэ буолбакка, элбэх эдэр дьон быыбарга кэлэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Мин речной училище устудьуоннарын кытары көрсүстүм, кинилэр миигин бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтилэр уонна үтүө күнү баҕардылар. Онон мин саныахпар, ыччат өйө-санаата уһуктубут. Мин сэрэйэрбинэн, быыбардыыр учаастактарга куоластааһын көрдөрүүтэ үрдүк буолуо»,- диэн кэпсээтэ Наталья Кашперская.

Эспиэрдэр этэллэринэн, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр Бэрэсидьиэн быыбарын тэрийии олус үрдүк таһымнаах. Ордук кинилэр үс күн устата кэтээн көрөөччүлэр бары быыбардыыр учаастактарга үлэлииллэрин, болҕомтолоохтук кэтээн көрөллөрүн бэлиэтииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: