Нэдиэлэтээҕи гороскоп (кулун тутар 7 – кулун тутар 15 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (кулун тутар 7 – кулун тутар 15 күннэрэ)

Ааптар:
07.03.2024, 06:00
Бөлөххө киир:

Хой

Кулун тутар саҕаланыыта бар дьон болҕомтотун ортотугар буо­луоҥ. Нэдиэлэ бүтүөр диэри дьылҕаҥ ыҥырыытын истиэххин, буолар быһыыга-майгыга сөп түбэһиэххин наада. Ити кэннэ күүскэр саҥа күүс эбиллиэҕэ. Олоҕу ылыныыҥ да судургутуйуо.

Оҕус

Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ. Ыраах сиргэ айан эбэтэр көһөн барыы табыллыан сөп. Үпкэ-харчыга сыһыаннаһыыга арай сэрэхтээх буол, кимиэхэ да иэс биэримэ, кирэдьииккэ кииримэ.

Игирэлэр

Саҥа билсиһиилэр ситиһиини түстүөхтэрэ. Ис санааҕынан өйдөһөр киһигин көрсүөххүн сөп. Ыраах айан кэтэһэр. Дьону кытта аһары аһаҕастык кэпсэтимэ, тус олоххун да кэпсээмэ.

Араак

Нэдиэлэ саҥата ситиһиини түстүө. Дьон убаастабылын ылыаххын сөп. Саҥа саҕалаабыт дьыалаҥ бары өттүнэн барыстаах буолууһу. Доҕоттору кытта истиҥ көрсүһүү саҥа бырайыактары толкуйдуургар көмөлөһүө.

Хахай

Саҥа дьыалаҕа ылсаргар үтүө кэм. Соһуччу улахан дуоһунаска ананыаххын эбэтэр бэйэ дьыалатын толкуйдуоххун сөп. Тас дойдуга тахсан сынньанан. Саҥа дьоннуун алтыһан өйүҥ-санааҥ кэҥиэҕэ.

Кыыс

Соһуччу үөрүүлээх түгэн тосхойуо. Бар дьон болҕомтотун ылар кэмиҥ. Онон үпкэ-харчыга, тапталга табыллар кэм үүммүт. Нэдиэлэ ортото өр көрсүбэтэх билэр дьоҥҥун кытта ирэ-хоро сэлэһиэҥ.

Ыйааһын

Үпкэ-харчыга харыстабыллаах сыһыан наада. Бу күннэргэ өр көрсүбэтэх доҕоргун көрсөн ис са­­нааҥ кистэлэҥин аһыаххын сөп. Таптал иэйиитигэр да куустарыаххын сөп, бу барыта бэйэҕиттэн улахан тутулуктаах.

Скорпион

Ылсыбыт дьыалаҕар ситиһии эрэ күүтэр. Нэдиэлэ ортотуттан боччумуран, үпкэ-харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох буолуу ирдэнэр. Доруобуйаҕар үтүө кэм. Элбэхтик салгыҥҥа сырыт.

Охчут

Ыраах айан кэтэһэр. Айар үлэҕэр табыллар кэм. Нэдиэлэ ортото баҕа санааҥ туолан астына-дуоһуйа сынньаныаххын сөп. Чугас дьоҥҥун кытта айылҕаҕа сылдьан астыныаҥ.

Чубуку

Үп-харчы, дьиэ-уот кыһалҕата этэҥҥэ быһаарыллан са­­нааҥ көнньүөрүө. Саҥа дьиэҕэ көһөр үөрүүнү билиэҥ эбэтэр улахан мал-сал атыылаһан астыныаҥ. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаны харыстаа.

Күрүлгэн

Дьоһуннаах дуогабары түһэрсиэх­хин, саҥа дьыалаҕа ылсыаххын сөп. Бу үп-харчы эргийиитигэр көмөлөөх буолуоҕа. Дьону кытта уопсай тылы буларга тоҕоостоох кэми мүччү тутума.

Балыктар

Харчыга табыллар кэм. Ол эрээри мээнэ ыһыахтаммат ордук. Үлэҕинэн үрдүүргэр табыгастаах кэм. Дьону кытта сыһыаннаһыыга сэрэхтээх буол, ордук салалтаҕар бэйэҕиҥ үтүө өттүнэн көрдөрөргө кыһалын.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: