Нөөрүктээйилэр «Арассыыйа уута» хамсааһыҥҥа кыттыһан субуотунньуктаатылар
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтоохторо «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Арассыыйа уута» дойду үрдүнэн ыытыллар улахан волонтерскай хамсааһыҥҥа кыттыһаннар субуотунньукка таҕыстылар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ тоҕус түөлбэнэн мустан нэһилиэк күөллэрин ыраастаатылар. Көҕүлээччилэринэн СӨ Экология министиэристибэтин бэтэрээнэ, айылҕа харыстабылын туйгуна, судаарыстыбаннай иниспиэктэр Августа Архипова салайыылаах Павловскай орто оскуолатын 1972 сыллааҕы выпускниктара, түөлбэлэр салайааччылара буоллулар.
Павловскайдар ууларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыылара, ыраастааһынынан эрэ муҥурдаммакка, чинчийэр үлэни ыыталларыттан эмиэ көстөр. Ол курдук, учуутал Тамара Нестерева оҕолору кытта чинчийэр үлэни ыытан, ааҕыыларга кыттан өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэринэн, Арассыыйа дипломаннарынан ааттаммыттара.
Бу күн нэһилиэк олохтоохторо кыратыттан эмэнигэр тиийэ күргүөм, өрөбүл күнү аахсыбакка, туруорсууну өйөөн
«Ыраас уу — олох төрдө» диэн девизтээх айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны көрдөрөр аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: