Норуот үгэһин харыстааһын уонна сөргүтүү — ийэлэр илиилэригэр

Share
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Норуот үгэһин харыстааһын уонна сөргүтүү — ийэлэр илиилэригэр” диэн омуктар икки ардыларынааҕы дьахталлар  I пуорумнара буолла.
Тэрээһин СӨ Ийэ сылынан ыытылынна. Саха АССР үбүлүөйдээх 100 сылыгар пуорумҥа 100  дьахтар дэлэгээтинэн талыллан сырытта.
Далааһыннаах тэрээһин кыттыылаахтарыгар СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Сергей Хатылыков, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Антонида Корякина, СӨ норуоттарын Ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Пуорум пленарнай чааһыгар Саха сиригэр олорор норуоттар сиэрдэрин, үгэстэрин, тылларын-өстөрүн харыстааһыҥҥа дьахтар, ийэ оруолун туһунан аһаҕас кэпсэтии ыытылынна.
Үөрүүлээх тэрээһин иитинэн элбэх оҕолоох ийэлэри чиэстээтилэр, «Норуоттар ийэ туһунан ыллыыллар» кэнсиэр, төрүт астар быыстапкалара буолла.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын пресс-сулууспата
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago