Ньурба Үөдэйин кырачааннарыгар нэһилиэк баһылыга ыалдьыттаата

Share

Улуу Кыайыы үөрүүлээх күнүн көрсө улуустарга араас тэрээһиннэр буола тураллар.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, нэһилиэк баһылыктара бэйэлэрэ көҕүлээн араас тэрээһиннэри ыыталлар.

Биир оннук тэрээһин туһунан Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева оскуола оҕолоругар тэрийэн ыытта. Бу туһунан Мария Пудовна бу курдук кэпсээтэ:

— Ыам ыйын 6 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Варвара Петрова аатынан оскуола-саад алын сүһүөх кылааһын үөрэнээччилэригэр  «Мин Үөдэйим хорсун буойуннара» диэн ааттаах көрсүһүүнү ыыттым. Онно бэйэм суруйбут кинигэбин билиһиннэрдим.

Улуу Кыайыы күнэ сыл-хонук ааһан истэҕин аайы Арассыыйа бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх  ытык күн буоларын  быһаардым.

 Оҕолор хос эһэлэрин хаартыскаларын көрдөрөн туран, кинилэр тустарынан тугу билэллэрин кэпсээтилэр.

Сэрии киһи олоҕор куһаҕантан атыны аҕалбатын, билигин буола турар быһыы-майгы тула  кэпсэттибит. Оҕолорго, учууталларга кинигэбин бэлэх туттардым.

Сүрдээҕин сэҥээрдилэр, аахтылар, бэйэлэрин хаартыскаларын көрөн үөрдүлэр.

Маннык истиҥ көрсүһүүлэртэн оҕолор элбэҕи билэллэр, толкуйдуурга үөрэнэллэр.

Бу тэрээһинтэн оҕолор Аҕа дойду сэриитин туһунан билиилэрин кэҥэттилэр, сэрии кэмигэр тыыл бэтэрээннэрэ — кинилэр хос эһэлэрэ уонна эбэлэрэ  үлэнэн эйэлээх олоҕу уһансыбыттарын билэн, кинилэргэ дириҥ ытыктабыл үөскүүр.

Ыарахаттартан чаҕыйбат буола улааталларыгар Үөдэй ытык кырдьаҕастара, кырачааннар чугас дьонноро холобур буолаллар.

Бу маннык истиҥ көрсүһүүлэри оҕолорбут Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх буола улааталларын туһугар тиһигин быспакка ыытыы — кэм ирдэбилэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

8 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago