Салгыы
Ньурбаҕа гимнасткалар күрэхтэстилэр (видео)

Ньурбаҕа гимнасткалар күрэхтэстилэр (видео)

Ааптар:
05.04.2023, 15:30
"Новости спорта" ТГ-ханаал хаартыската
Бөлөххө киир:

Уус-уран гимнастика — спорт биир саамай кэрэ көрүҥэ. Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ федерациятын күүһүнэн бу көрүҥ киэҥик тарҕанарыгар, сайдарыгар сүрүн болҕомтону уурар буоллулар.

Бу сааскы күннэргэ Ньурбаҕа «Ньурба бриллианнара» диэн уус-уран гимнастикаҕа маҥнайгы аһаҕас турнир буолан ааста. Күрэхтэһии аатырбыт тириэньэр А. И.Пахомов аатынан спортивнай саалаҕа буолла.

" Новости спорта" ТГ-ханаал хаартыската

Ньурба улууһугар гимнастика көрүҥэ 2021 сылтан баар. Антоновкатааҕы оҕону сайыннарар кииҥҥэ «Ромашка» уһуйаан иитээччитинэн үлэлиир Мария Александрова көҕүлээһининэн, «Авокадо» оҕо киинин иһинэн гимнастиканан дьарыктаан барбыттара. Бу көрүҥ төрөппүттэр, дьарыктанар оҕолор, улуус дьонун болҕомтотун, интэриэһин тардан ылла диэххэ сөп. Бэлиэр федерация тэриллэн үлэлиирэ успуорт кэнэҕэскитин туһунан үгүһү этэр.

" Новости спорта" ТГ-ханаал хаартыската

Билигин гимнастиканан Ньурбаҕа 100 оҕо дьарыктанар. Бу икки сыл иһигэр кырачаан гимнасткалар Дьокуускайга, Хаҥаласка, бэл, Москваҕа тиийэ араас күрэстэргэ кыттыыны ыллылар. 30 оҕо иккис уонна үһүс юношескай спортивнай разрядтары толорбуттар. Дьокуускайтан анал үөрэхтээх тириэньэрдэр Ньурбаҕа хаста да сүүмэрдиир дьарыктары ыыппыттар.

Ньурбаҕа күрэхтэһиигэ барыта 97 оҕо кыттыыны ылла. Икки көрүҥҥэ: уопсай бэлэмнэниигэ ОФП уонна тус биирдиилээн анал бырагырааманан күрэхтэстилэр. Кыайыылаахтарга анал бириистэр, мэтээллэр уонна грамоталар туттарылыннылар. Кырачаан гимнасткаларга үксүлэригэр бу успуорка аан маҥнайгы сүрэхтэниилэрэ буолла. Оттон олохтоохтор саҥа, сонун көрүҥү көрөн кэрэхсээтилэр, астыннылар.

Уус-уран гимнастикаҕа СӨ федерациятын пресс-сулууспата.
» Новости спорта» ТГ-ханаал хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: