Оһох оттуллар – харчы көтө-көтө барар
Тымныы кыһыннаах Саха сиригэр мууһунан-маһынан хааччыллыы тыын кыһалҕанан буолар. Онон бүгүн оттук мас боппуруоһугар туох кыһалҕа баарын тула кэпсэтиэхпит.
Халлаан билиҥҥитэ сылаас турар эрээри, кэлэр кэлэн иһиэҕэ. Онно сыл тахсар мастаах дьон кыһалҕаны көрсүөхтэрэ суоҕа, оттон…
“Гаас киирэн, олохпут тупсуоҕа”
Бары билэрбит курдук, СӨ Ил Дархана, Бырабыыталыстыбата гаастааһыҥҥа улахан үлэни ыыталлар. Онон тыа сиригэр гаастааһын бырагыраамата үчүгэйдик үлэлээтэҕинэ, уокка оттор маһы бэлэмнээһин, тиэйии кыһалҕатыттан босхолоноллорун маннык холобуртан көрүөххэ сөп.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан нэһилиэгэр быйыл күһүн “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа “Социальнай гаастааһын” бырагырааматынан ыаллар гааска холбоннулар. Балаҕан ыйыттан 90 ыал холбоммут. Онон барыта этэҥҥэ буоллаҕына, өлөчөйдөр оттук кыһалҕата диэн тугун билиэхтэрэ суоҕа. Бу кыһын СӨ ситэриилээх былааһын нэһилиэнньэҕэ отчуотун кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин өлөчөйдөргө үлэни үчүгэйдик ыытан, күһүн киллэриэхпитин наада диэбитэ, туолбут.
Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николай Матчитов этэринэн, былырыыҥҥа диэри ыаллар сылга ортотунан 30-туу куб маһы оттубуттар, ол эбэтэр 2700-3000 куб маһы. Былырыыҥҥыттан тыраахтарынан биир бырысыап маһы киллэрии ырааҕыттан, чугаһыттан тутулуга суох сыаната 5 тыһ. солк. буолбут.
Дьон кыстыыр мастарын бэлэмнииллэригэр, ортотунан ыллахха, 15-20 лиитирэ уматыгы мас эрбииллэригэр тутталлара.
– Дьон кыстыыр мастарын бэлэмнииллэригэр, ортотунан ыллахха, 15-20 лиитирэ уматыгы мас эрбииллэригэр тутталлара. Ону тэҥэ биһиги курдук кырыымчык сирдээх нэһилиэккэ чугаһынан отторго сөптөөх мас да аҕыйаан испитэ. Сиэрдийэттэн эрэ улахан маһы кэрдэн сылдьыбыппыт. Чугас тыа бүтэн, дэлээнэ ыраатан испитэ. Дьэ, бу гаас киириэҕиттэн олохпут усулуобуйата быдан тупсуоҕа турдаҕа. Экология да өттүнэн ыллахха, – диэтэ баһылык Николай Егорович.
Нэһилиэк сүрүн исписэлииһэ Татьяна Билюкина чопчулаабытынан, былырыын 20-чэ ыал “Субсидия ааҕыныстыбатын” нөҥүө оттук маска субсидиянан туһаммыт.
“Эр дьон оһоҕу маныыртан босхолонор”
Оттон гаас тиийбэт сиригэр кииннэммит ититиигэ көһүү эмиэ бу кыһалҕаттан босхолуурун туһунан эмиэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгин баһылыга Петр Никитин этэр. Ол курдук, Хочо сэлиэнньэтигэр билиҥҥи туругунан нэһилиэк 80 быр. кииннэммит ититиигэ холбоммут. Ырааппыта 20-30 км сиргэ тиийэ дэлээнэлэр бааллар. Тиэйтэрии сыаната эмиэ былырыын Өлөчөйгө курдук, биир бырысыап 5000 солк. тиийбит.
– Кииннэммит ититиигэ киирэммит эр дьон оһох манааһыныттан босхолонон, атын сирдэргэ баахтанан да үлэлии бараллар. Уонна чугаһынан оттук маспыт да аҕыйаата. “Отопление киирэн” экологияҕа да хоромньу кыччаата. Мин толкуйдуурбунан, тыа дьонугар маннык ититэр ситимҥэ холбонуу эргиччи туһалаах, – диир Петр Петрович.
Буранынан тиэйэллэр
Уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ киирсэр Булуҥ улууһун Бороҕон нэһилиэгэр кииннэммит ититиигэ нэһилиэнньэ 30 бырыһыана холбоммут, о.э. 110 ыалтан 20 ыал эрэ. Ону тэҥэ 21-с үйэ да буоллар, балыыһа, кулууп курдук тутаах тэрилтэлэр эмиэ маһынан оттуналлар. Кыстыгы этэҥҥэ туоруур туһуттан биэнсийэлэрэ оттук маһы тиэйиигэ, ол эбэтэр бураан бэнсиинигэр, саппаас чааһыгар көтө турар. Олохтоохтор 50-70 км сиргэ мастаан кэлэллэр. Лесничество быраабылатынан, биир киһиэхэ 30 куб маһы бэлэмниирэ көҥүллэнэр эбит. Холобура, кулууптара 500 куб маһынан кыстыыр буолан, бүддьүөккэ
2 мөл. солк. көрүллэр. Бороҕон тутаах тэрилтэлэрэ, ол иһигэр балыыһа, кулууп, бибилэтиэкэ, маҕаһыыннар бары маһынан оттуллаллара олус түбүктээх уонна эппиэтинэстээх үлэ эбит.
– Улуус кииниттэн 380 км тэйиччи олоробут. Хата, кыһын массыына суоллаахпыт, сайын үөһэнэн эрэ сырыы баар. Ыаллар бэлэмнээбит мастарын буранынан тиэйэллэр уонна тиэйтэрэллэр. Дьиҥэ, дьаһалтабытыгар тиэхиньикэбит баар эрээри, биһиги усулуобуйабытыгар оттугу буранынан тиэйии эрэ кыаллар. Биир куб маһы бэлэмнээһин уонна буранынан тиэйии сыаната 3,5 тыһ. солкуобай буолла. Кыайан мастанар кыаҕа суохтарга тэрилтэлэринэн бэлэмнэтэбит эбэтэр аймахтара көмөлөһөллөр, сорохтор бэйэлэрин харчыларынан сакаастаһаллар. Кулууппут икки сыллааҕыта “Липснелле” диэн австрийскай оһоҕу ылбыта. Хачыгаардарбыт барахсаттар олус эппиэтинэстээх буоланнар, этэҥҥэ туоруубут, – диэтэ нэһилиэк баһылыга Вера Стручкова.
Таарыйа аҕыннахха, уустук суоллаах-иистээх Бороҕоҥҥо атын да кыһалҕалара үгүс. Икки эбийиэгинэн үөрэнэр буолан, саҥа оскуола тутуутун инвест-бырагыраамаҕа киллэрээри үлэлэһэллэр. Ыаллыы Найба курдук сылы эргиччи сырыы олохтоноругар ол агломерацияҕа киирсиэхтэрин эмиэ баҕараллар. Саҥа хочуолунайданаллара буоллар, өссө сайдыа эбиттэр.
“ЗИЛ” массыынанан – 15000
Сангаартан тэйиччи, хайалар быыстарыгар олорор Сэбээн Күөлгэ дэриэбинэлэрэ ортотунан үрэх ааһар буолан, икки гына арахсар. Онон икки өттүгэр икки хочуолунайдаахтар. Хата, дьиэлэр үксэ кииннэммит ситимҥэ холбоммуттар, ол эрээри хас да саҥа дьиэ холбоно илик эбит. Ол дьиэлэргэ уонна дьиэлэрин ититээри эбии оттуон баҕалаахтар 100 тахса көстөөх сиртэн мас тиэйэллэр. 7 куб маһы “ЗИЛ”-ынан 15000 солк. аҕалтарыахха сөп үһү. Бу курдук, киин улуустартан төһөнөн ыраатан иһэҕин да, сыана үрдээн, ыараан иһэр. Хайыахтарай, оттугунан хааччыллыы тыын боппуруос буоларынан, дьон бүтэһик кэппиэйкэтин да биэрэрин кэрэйбэт.
САНАА
Любовь Андросова, “Субсидия ааҕыныстыбата” тэрилтэ социальнай өйөбүл миэрэлэрин арыаллыыр отделын сүрүн исписэлииһэ:
– Маһынан оттуллар оһохтоох кэтэх дьиэлэргэ дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүн төлөбүрүгэр субсидия көрүллэр. Бу субсидиянан туһанааччы дьиэ-уот хомунаалынай өҥөлөрүгэр суутунан иэһэ суох буолуохтаах. Субсидияны ылаары сайаапканы түһэрбит киһини кытта дьиэ кэргэн уопсай дохуота учуоттанар, субсидияны биэрэр туһунан сайабылыанньаны
биэрии иннинээҕи халандаарынай кэнники 6 ыйа. Бу олорор дьиэлэригэр регистрацияларыттан тутулуга суох дьиэ кэргэн чилиэннэрин барыларын дохуота ылыллар. Субсидияны ыларга дьиэ кэргэн ЖКУ төлөбүрүгэр уопсай дохуотуттан 15 % тахсаны туттар буоллаҕына, субсидия бэриллэр. Урут субсидияны ыларга сайабылыанньаны 6 ый буола-буола биэрэр этилэр.
Билигин саҥа уларыйыынан бу ыал усулуобуйата уларыйбатах буоллаҕына, хаттаан биэрэрэ ирдэммэт. Сиһилии 88002225070 нүөмэртэн ыйыталаһыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: