Олоҕо суох иһитиннэриигэ итэҕэйимэҥ

Соторутааҕыта Саха сириттэн 200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта.
Ол гынан баран, бу туох да төрүөтэ суох сымыйа иһитиннэрии.
Саха сирин парламенын саайтын официальнай иһитиннэриитигэр этиллэринэн, «Уһук Илин уонна Забайкалье» парламент ассоциациятын уопсай мунньаҕын чэрчитинэн, Биробиджан куоракка ассоциация чилиэннэрэ РФ Федеральнай мунньаҕын Судаарыстыбаннай думатын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володиҥҥа этии киллэрбиттэрэ. Еврейскай Автономнай Өрөспүүбүлүкэ мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Роман Бойко бэйэтин этиитигэр бэлиэтээбитинэн, ассоциация чилиэннэрин этиилэригэр федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан боппуруос көрүллэр (тулаайах оҕолорго сыһыаннаан).
Саха сирин парламенын спикэрэ Алексей Еремеев тулаайах оҕолору уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору (байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын) дьиэнэн хааччыйыы үбүн эрэгийиэннээҕи буолбакка, федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэнэригэр этии киллэрэр.
Бу этии тулаайах оҕолор бырааптарын көмүскүүр, кинилэр дьиэ сэртипикээтин арыый түргэнник ылалларын туһугар оҥоһуллубута.
Ону таһынан иһитиннэрии байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын — тулаайахтар ахсааннара 200 диэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн буолбакка, дойдуттан барбыттар ахсааннара буоларын туһунан быһаарар суруктаах.
Биһиги бэрэбиэркэлэммэтэх иһитиннэриигэ итэҕэйбэккитигэр уонна угаайыга киирэн биэрбэккитигэр ыҥырабыт. Саха сирин парламенын спикэрин этиитин туһунан сиһилии https://iltumen.ru/news/26743 билсиэххитин, уопсай мунньах туһунан
https://rutube.ru/video/1ee16477755b13272705777059889fdc/ сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: