Салгыы
ОМС страховкатынан мэдиссиинэ өҥөтө кэҥиир

ОМС страховкатынан мэдиссиинэ өҥөтө кэҥиир

Ааптар:
14.01.2025, 11:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

2025 сылга Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылыгар былырыыҥҥытааҕар биир триллион солкуобайынан элбэх үп-харчы көрүлүннэ. Ол курдук, быйыл ыарыһахтар уочарат быһыытынан босхо эпэрээссийэлэри уонна атын мэдиссиинэ көмөлөрүн туһанар кыахтаныахтара. Бу доруобуйа харыстабылын тиһигин үбүлээһинэ үрдээбитинэн ситиһиллиэҕэ диэн ТАСС иһитиннэрэр.

Бастатан туран, хроническай инфекционнайа суох ыарыылары кытта охсуһуу күүһүрүөҕэ. Итини сэргэ С гепатиты эмтээһиҥҥэ уонна ЭКО-ҕа ураты болҕомто ууруллуоҕа. Маны кытта гражданнар араагы утары саҥа эми-тому ылыахтарын сөп буолуо. Итиэннэ ОМС страховкатынан кардиостимуляторы туруоруу, улахан дьоҥҥо сүрэх ыарыытын кытта сибээстээх ыарыылаары эмтээһин үбүлэниэ.

Судаарыстыба С гепатит ыарыыны утары охсуһууну күүһүрдэр. Тохсунньу 1 күнүттэн дойду олохтоохторо диспансеризация кэмигэр хроническай С гепатиты чинчийиигэ босхо тестирование ааһыахтарын сөп.

Иккиһинэн, реабилитациялыыр тиһиги сайыннарыы салҕанар. Мэдиссиинэ көмөтө онкологическай ыарыылары, сүрэххэ уустук эпэрээссийэлэри, о.д.а. хирургическай эпэрээссийэлэри эмтээһин кэнниттэн чөлүгэр түһэриигэ оҥоһуллуоҕа.

Ону таһынан ОМС чэрчитинэн дьиэ кэргэттэргэ ЭКО процедураларын үбүлээһинэ эмиэ улаатыа. Бу сыалга быйыл 13%-нан элбэх үп-харчы көрүллүбүт.

Хаартыска "Комсомольская правда" хаһыаттан ылылынна
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: