Ороһу эбэтигэр быйыл «уу сардааната» хойуутук үүммүт
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү Ороһу нэһилиэгин Эбэтигэр Кыһыл кинигэҕэ киирбит «уу сардааната» сибэккилээбит диэн сонун, хаартыскаҕа түһэриилэр куйаар ситимин устун тилийэ көттүлэр.
Үгүс киһи бу кэрэ көстүүнү сэҥээрэн туоһулаһара үксээтэ диэн Ороһутааҕы бибилиэтикэ үлэһиттэрэ суруйаллар. Айылҕа кэрэ-мааны көстүүтүн туһунан Ороһу орто оскуолатын биология учуутала, үгүс оҕону чинчийиигэ уһуйан араас хабааннаах НПК-ларга кытыннарбыт Светлана Иванова кэпсээтэ.
Сибэкки наукаҕа биллибит аата «кувшинка белая» (лат. «Nymphaea alba») диэн эбит. Арассыыйаҕа Европа хайысхатынан, Уралга, Сибииргэ уонна Хотугу Кавказ күөллэригэр тарҕанан үүнэр. Силиһин үксүн тайахтар, андаатаралар сииллэр. Былыр Хотугу Кавказ олохтоохторо бурдук гынан аһылыкка эмиэ тутталлар эбитэ үһү. Быһа холоон икки миэтэрэ дириҥҥэ, сылаас, биир кэм турар ууга сибэккилиир. Быйыл кураан буолан күөл уута лаппа түһэн, сибэккитэ хойуутук тахсыбыт. Ороһу, Тамалакаан сиригэр Харчымахха, Орто Күөлгэ, Муоһааныга тэнийэн үүнэр эбит.
Кыраайы үөрэтээччи Сардаана Васильева иллэҥ кэмигэр айылҕа кэрэ көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрэр идэлээх. Бу сырыыга кувшинка сибэккилээбитин олус тупсаҕайдык хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппит. Түөрт, биэс сыл анараа өттүгэр эмиэ субу маннык хойуутук үүммүт. Yксүн уута дириҥ өттүгэр сибэккитэ улахан буолар, от ыйын бүтүүтэ, атырдьах ыйын саҕаланыыта сибэккилиир диэн бэлиэтиир.
Туобуйа нэһилиэгиттэн төрүттээх байанайдаах булчут, быйыл 75-с хаарыгар үктэммит Федор Николаев Ороһу эбэтигэр 40 тахса сыл балыктаабыт, бултаабыт-алтаабыт киhи быhыытынан, айылҕа кэрэтин кыраҕы хараҕынан кэтээн көрөр буолан, бу сибэкки бэтэрээ кэлиҥҥи уон сыл тэнийэн үүнэн эрэр диир.
Кувшинка чахчы ыраас уулаах сиргэ үүнэрэ бэлиэтэнэр — онон күөл уутун ыраастык тутуоҕуҥ уонна оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн кэрэни кэрэхсииргэ, айылҕаны харыстыырга уһуйуоххайыҥ диэн ыҥыраллар.
Жанна Иванова, бибилэтиэкэр. Сардаана Васильева хаартыскаҕа түhэриитэ,
Капитон Антонов видеоҕа устуута
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: