Салгыы
Петр Эверстов: «Көмө тохтообокко, бара турар»

Петр Эверстов: «Көмө тохтообокко, бара турар»

Ааптар:
21.02.2023, 12:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Төҥүлү нэһилиэгин баһылыга Петр Васильевич Эверстов нэһилиэктэн байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт дойдулаахтарыгар уонна кинилэр дьонноругар туох көмө, өйөбүл баарын туһунан кэпсээтэ.

— Биһигиттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ баран кытта сылдьар 8 уолбутугар хас биирдиилэригэр 10 тыһ. солкуобай олохтоох дьаһалтаттан, 30 тыһ. солкуобай улуус дьаһалтатыттан көмө харчы барбыта. Аһымал аахсыйанан ыытыллыбыт кэнсиэртэн 480.000 тыһ. солкуобай көмө харчы киирэн, 8 уолбутугар 60 тыһ. солкуобайдыынан тэҥҥэ үллэриллэн тарҕаммыта.
Өрөспүүбүлүкэттэн бэриллэр 200.000 тыһ. солкуобайы ылалларыгар олохтоох дьаһалта докумуону толоруу, хомуйуу өттүгэр көмөлөспүтэ. Матырыйаалынай көмө чэрчитинэн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарга нэһилиэнньэттэн халыҥ үтүлүктэр, бэргэһэлэр, сылаас угунньалар, уопсайынан — сылаас таҥас, утуйар мөһөөччүктэр, термостар, аптечкалар, суотабай төлөпүөннэр, 71,5 кг отон, биир дьааһыкка сүүсчэкэ бэрэски хомуллан ыытылынна.
Мобилизацияҕа барбыт уолаттарбыт дьонугар күһүҥҥү мунха балыга тарҕатылынна. Төҥүлү эр дьонун түмсүүтэ биэс ыалга муус ылан биэрбитэ. Олохтоох дьаһалта биир ыалга баанньыгар оттук маһын киллэриигэ көмөлөстө. Икки ыалга эр дьон түмсүүтэ булуустарыгар муус киллэрэн биэрдэ.
Быстах ыҥырыынан байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт уолаттар оҕолоругар олохтоох дьаһалтаттан Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэр туттарыллыбыттара. Ыччаттар өттүлэриттэн биир байыаннай сулууспалаах уолбут кырдьаҕас төрөппүтүгэр нэдиэлэҕэ биирдэ аһы-үөлү атыылаһан илдьэн биэриигэ, тиэргэнин хаарын күрдьүүтүгэр, муус киллэриигэ көмө бара турар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун иһинэн мобилизацияҕа барбыт уолаттар дьонноругар социальнай көмө оҥоһуллар. Ол көмөнөн туһанарга анал дастабырыанньа ылалларыгар олохтоох дьаһалта докумуоннарын хомуйан туттарда. Биһиги бука бары уолаттарбыт этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 мая
  • 7°C
  • Ощущается: 6°Влажность: 49% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: