“Прометей” оскуолатыгар оҕо сайдыыһы
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан, билиҥҥи олох-дьаһах сайдыытын эйгэтин көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр, тус бэйэни кытта сыһыаҥҥа киирэр дьикти уруогу көрдүм.
Дьэ, кырдьык, дьикти сэһэннээх дьарык буолла. Дьарыгы 3 кылааска Валентина Семеновна Поскачина тэрийэн ыытта. Ити этиллибит санааттан ыйытык үөскүүр: биһиги бары билэр-өйдүүр билии-көрүү ис хоһоонноох уруокпутуттан туох дьикти уратылаах дьарык буолла диэн мин тус бэйэм куппун-сүрбүн долгутта уонна уһугуннарда. Миэхэ үөскээбит бастакы ыйытык: бу үгэс буолбут билии-көрүү уруога дуо? Иккис ыйытык: билии-көрүү уруога буолбатах буоллаҕына, бу туох ураты өйдөөх-санаалаах дьарыга буолла? Тэриллибит дьарыкка саамай сүрүн кыттааччы кимий: учуутал – билиини биэрээччи? Эбэтэр оҕо сайдар сааһын уратытынан тус бэйэтин кытта сыһыаҥҥа киирэр үөрэнээччи бэйэтэ дуу? Хардата биир – үөрэнээччилэр бэйэлэрин бэйэлэрэ үөрэтэллэр.
“Прометей” түөлбэ Н.И. Шарин аатынан орто оскуолата үөрэх эйгэтигэр – саҥа кэм сэһэнин – киһи, омук, чөл доруобуйа, киһи олоҕун айана диэн үс күлүүс өйдөбүлэ киһиттэн, оҕоттон бэйэтиттэн тутулуктааҕын, оҕо бэйэтэ оҕо сааһыттан өйдөөн, билиҥҥи кэм таһымыттан олох ураты туспа көрүүлээх-сайдыылаах киһи буолара биһиги хайдах үөрэх эйгэтин талан ыларбытыттан тутулуктаах. Оҕо кутун-сүрүн сайыннарар духуобунас тыына – оскуола дьиҥ соруга. Бу дьайыы бастакы акылаата түһэн, төрүтэ үөскээн, ача от курдук кырыстаныа диэн эрэнэбит.
В.Е.Степанова,
философия билимин хандьыдаата.
Хаартыскалары: ааптар тиксэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: