Путин түөрт эрэгийиэҥҥэ байыаннай балаһыанньаны биллэрдэ
Бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа түөрт саҥа эрэгийиэнигэр байыаннай балаһыанньаны биллэрдэ. Бу туһунан туһааннаах ыйаахха илии баттаата. Биллэрин курдук, бу эрэгийиэннэр бэйэлэрэ байыаннай балаһыанньаҕа олорор этилэр. Билигин ол федеральнай аактанан бигэргэннэ.
Бу туһунан бэрэсидьиэн Куттала суох буолуу сэбиэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ. “Бандеровецтар суолларын батыһааччылар саһа сытан Арассыыйа сиригэр-уотугар араас бөлөҕү ыыталлар. Киев биир остуол тула олорон кэпсэтиэн баҕарбат, билигин аны аһаҕастык террористическэй суолга киирэн эрэр”, — диэн иһитиннэрэр кини.
Санатан эттэххэ, балаҕан ыйын 30 күнүгэр референдум түмүгүнэн түөрт эрэгийиэн, Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожье уонна Херсон уобаластара Арассыыйаҕа холбоспуттара. Бу эрэгийиэннэргэ РФ бэрэсидьиэнэ байыаннай балаһыанньаны биллэрдэ. Сокуонунан РФ бэрэсидьиэнэ байыаннай балаһыанньаны Федерация Сэбиэтигэр уонна Судаарыстыбаннай Дуумаҕа иһитиннэриэхтээх. Бу иһитиннэриини Федерация Сэбиэтэ кылгас кэм иһигэр көрүөҕэ.
Владимир Путин РФ бырабыыталыстыбатыгар уонна Оборуона министиэристибэтигэр эрэгийиэн салайааччыларыгар туох көмө ирдэниллэринэн барытын оҥорорго сорудахтаата. Нэһилиэнньэҕэ куттала суох буолууну хааччыйыыга дойдуга премьер-миниистир Михаил Мишустин салайааччылаах анал сэбиэт тэриллиэҕэ. Арассыыйа хас биирдии эрэгийиэнигэр базовай бэлэмнэнии биллэрилиннэ, оттон киин уонна соҕуруу эрэгийиэннэргэ күүстээх бэлэмнэнии олохтонно.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: