Референдуму өйүүр миитин-кэнсиэр буолла
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр киэһэ 5 чаастан Орджоникидзе болуоссатыгар ЛНР, ДНР, Херсонскай, Запорожскай уобаластар Арассыыйа састаабыгар киирэр туһунан референдумнарын өйүүр миитин-кэнсиэр буолла.
Миитиҥҥэ баартыйалар, уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ мустубуттар. Былаахтар күөрэҥнэһэллэр.
— Бу күннэргэ биһиги бары улахан историческай суолталаах дьайыы буолбутун кэтээн көрдүбүт. ДНР, ЛНР, Херсонскай, Запорожскай уобаластар Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин биһириибит. Дьон Арассыыйаны бэйэлэрин дьиэлэрин, оҕолорун инники кэскиллэрин курдук көрөн, таллылар. Новороссия олохтоохторо бу күннэргэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин сорҕото буолуохтара. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэ, инфраструктура чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөргө бэлэм. Саҥа эрэгийиэннэр эйэлээх олоххо түргэнник төннөллөрүгэр баҕарабыт. Саха сирин олохтоохторо бары Ийэ дойдубутун көмүскүү сылдьар дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорорго биир сомоҕо буоллубут. Кинилэргэ тустаах өйөбүл, социальнай, материальнай көмө оҥоһуллуоҕа, — диэн Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ, уопсастыбанай түмсүүлэргэ бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева эттэ.
Эстрада тыйаатырын артыыстара өрө күүрүүлээх патриотическай ырыалары ыллаан, дьон санаатын көтөхтүлэр. Уоттаах-төлөннөөх тыллар этилиннилэр.
Миитин-кэнсиэр болуоссаты тилэри ылбыт улахан оһуохайынан түмүктэннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: