РФ бэрэсидьиэнэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар саҥа көмө миэрэтин көрдө
РФ бэрэсидьиэнэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар саҥа көмө миэрэтин көрдө. Ол курдук, Владимир Путин гаас киллэрээһинигэр көмө ылааччылар категорияларын кэҥэтэр туһунан этии киллэрдэ. Бу көмөнү байаыннай дьайыы кыттыылаахтара уонна бастакы гурууппалаах инбэлииттэр тиксиэхтэрэ. Маннык көмөнү Саха сиригэр номнуо 50 дьиэ хаһаайыстыбата туһаммыт.
Маннык саҥа көмө миэрэтин туһунан этиилээх РФ аҕа баһылыга Арассыыйа энэргэтиичэскэй нэдиэлэтин пленарнай мунньаҕар иһитиннэрбит.
«Сир учаастагар тэрили атыылаһыыга уонна үлэни ыытыыга 100 тыһыынчаҕа тиийэ сууманы субсидия быһыытынан көрүөҕэ. Маннык көмөнү 52 тыһыынча кэриҥэ киһи туһанна. Олор истэригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр уонна кыаммат араҥа дьон», – диэтэ Владимир Путин.
Саха сиригэр социальнай гаастааһын чэрчитинэн бүгүҥҥү күҥҥэ гаас ситимигэр 4335 дьиэ холбоммут. Маны сэргэ, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ уонна бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ гаас ситимин тэрилин атыылаһыыга 150 тыһыыча солкуобай субсидияҕа тиксэллэр. Аадырыстаах көмө номнуо 52 дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллубут. Итиэннэ бу көмөнү элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр көхтөөхтүк туһаналлар.
Социальнай гаастааһын бырагыраамата РФ бэрэсидьиэнин дьаһалынан толоруллар. Биэс сыл устата күөх төлөн өрөспүүбүлүкэ 23 тыһыынча олохтооҕун дьиэтигэр холбоммут. 2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ өссө 15 000 дьиэни гаас ситимигэр холбуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: