Саха асчыта – дойду таһымыгар

Саха асчыта – дойду таһымыгар

17.12.2023, 17:00
Хаартыска: Николай Атласов архыыбыттан
Бөлөххө киир:

“Саха сирин амтана” бэстибээлгэ сылдьан өрөспүүбүлүкэбитин ааттатар “Атласовтар уһаайбалара” эрэстэрээн бренд-асчыта Николай Атласовы кытта анаан сэһэргэстим. Кэпсэтиибит бэрт уратытык саҕаланна.

КЭСКИЛЛЭЭХ СОРУК – СЫЛГЫҺЫТТЫЫ БАРЫЫ

– Николай Васильевич, кэскиллээх былааҥҥын билиһиннэриэҥ буолаарай?

– Киһи биирдэ олорор. Онон РФ Бэрэсидьиэнин аһаттым да, сылгыһыттыы барыам.

– Ама, кырдьык этэҕин дуо?

– Кырдьык буолумуна. Бэйэм ситиһиэхтээх таһыммар тиийдэхпинэ, атын кэскиллээх дьыалаҕа – бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ылсыам. Ол эбэтэр сылгы, сүөһү, көтөр ииттиэм, оҕуруотунан дьарыктаныам. Мэҥэбит Сототугар аҕам баазабытын бэлэмнии сылдьар. Улахан сорукпун ситиһэр инниттэн, Москваҕа хас да бырайыагы олоххо киллэрэн эрэбин. Саха куукунатын дойду тэбэр сүрэҕин ыалдьыттарыгар амсатар соруктаахпын. Онон бу хайысхаҕа олохтоохтук үлэлэһэ сылдьабын.

– Дойду салайааччытын аһатар ол түгэниҥ хаһан үүнүөх курдугуй?

– Дьэ, ону ким билиэй? Баҕар, уон сыл буолуо, баҕар эһиил да оннук дьол тосхойдоҕуна көҥүлэ…

БЫЙЫЛГЫ БЭСТИБЭЭЛ “БУОЧАРА” – УРАТЫ

– Быйылгы үбүлүөйдээх “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээл ити иннинээҕи тэрээһиннэртэн “буочара” ураты дуу эбэтэр тэриллэр үөрүйэҕинэн үгэс курдук барда дуу?

– Саха аһыгар бэрт үгүс сонун саха амтана таҕыста. Эккэ буруо амтана билиннэ, сир аһыттан бэрт ураты убаҕас уонна хойуу тума баар буолла. Хас биирдии эрэстэрээн тэрээһинин сиэрин-туомун ыытыыга улахан болҕомтону уурбута харахха быраҕыллар. Ол эбэтэр дьон манна аһыы эрэ кэлбэккэ, кэрэхсэбиллээх ты­­йаатыр көстүүлэрин көрөн, Саха сирин норуоттарын үгэстэрин туһунан бэрт элбэҕи билэн барыахтарын сөп. Итинник тэрээһиннэри гастрономическай бэстибээл кэмигэр дьүүллүүр сүбэ эрэ иннигэр буолбакка, өрөбүл күннэргэ, бырааһынньыктарга киллэрэн биэриэхтэрин сөп. Онуоха холуйдахха, бастакы сылларга олус да боростуойдук ыытар эбиппит.

ТАҺЫМНАРА ҮРДЭЭБИТ

– Асчыттар төһө сайдыбыттарый?

– Сорох эрэстэрээннэр киин куораттары да баһыйар курдук таһымнаммыттар. Бу маннык атын киин куораттартан кэлбит ааттаах-суоллаах асчыттар сыаналаатылар. Соҕуруу дойдуларга туттуллар цитрус амтанын биһиэхэ сир астара солбуйаллар. Үгүс асчыт ону бигэтик өйдөөбүтэ хайҕаллаах суол. Саас эрдэ бастакы от-мас үүннэ да, аска, чэйгэ туттар туманы хомуйан барар буол­буттар. Быйылгы бэстибээлгэ саҥа эрэс­тэрээннэр “хаардыы хааман киирбиттэрин” бэлиэ­тиэххэ наада.

ТӨРҮТ АС – СЫАНАЛААХ

– Кэлиҥҥи сылларга эн араас куораттарынан айаннаатыҥ аҕай дии. Ким эрэ айаныҥ ороскуотун уйунар буолан, “сири-сибиири” кэрийдэҕиҥ?

– Үс сыл буолла, сылга отучча куораты кэрийбитим. «Арассыыйа гастрономическай каартата» диэн федеральнай бырайыакка үлэлэһэбин. Онно шеф-асчыттары илдьэ сылдьан, дойду араас куораттарыгар уопут атастаһыннарабыт, бэйэбит да элбэххэ үөрэнэн кэлэбит.

Айаным сорох ороскуотун СӨ Урбаан уонна туризм сайдыытын министиэристибэтэ толуйар, сороҕун – федеральнай бырайыак. Үлэбит сүрүн соруга – ас-үөл нөҥүө эрэги­йиэннэргэ туристары тардыы. Маны таһынан, биирдиилээн хайысха, салаа, эйгэ сайдар олугар өйөбүл буолуу. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын салаата урукку сылларга эти сүрүннээн миэстэнэн батарар эбит буоллаҕына, билигин бэлэм аһынан дьон болҕомтотун тардыахха сөп. Кэлиҥҥи кэмҥэ аан дойду үрдүнэн «аутентичнай куукуна» диэн өйдөбүл баар буолла. Ол эбэтэр төрүт ас былыр­гы көрүҥүн сөргүтэн, аныгы олоххо киллэрэн билиһиннэрии, аһатыы. Онон биһиги эрэс­тэрээммит астыыр аһа ити ирдэбилгэ сөрү-сөп түбэһэр. Эт-ас, балык кэмчи кэмигэр уулуссаҕа тарҕанар ас-үөл буол­батаҕын быһыытынан күндүтүйэр, сыаната ыарахан.

ИСТИЭП УОННА АЛААС СЫЛГЫТЫН ЭТЭ

– Убаһа этэ атын киин эрэгийиэннэргэ кэрэхсэнэр дуо?

– Арассыыйаҕа түүр омук үгүс. Сэбиэскэй Сойуус бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоохторо – казахтар, кыргызтар эмиэ түүр төрүттээхтэр. Онон сылгы этин сиир омук элбэх. Истиэп уонна алаас сылгылара аһылыктара арааһын быһыытынан, амтаннара атын-атын.

БИИР СИТИМ

– Атын эрэгийиэннэр Арктическай зоналарын астарын-үөллэрин көрүҥэ хайдах буолар эбитий?

– Приморскай кыраай ордук Азия куукунатыгар «охтор». Аһы-үөлү кытта ситимнэһэн, “национальнай куукуна” диэн биир уопсай өйдөбүл баар. Ол эбэтэр, таҥас-сап, иһит-хомуос, ас-үөл – биир өйдөбүл быһыытынан ситимнээх, си­­бээстээх буолуохтаах. Ол эбэтэр национальнай бүлүүдэ бэйэтэ туспа суолу тэлэр кыаҕа суох. Кэнниттэн «состороонньолоох» буолара ирдэнэр. Холобура, тоҥ балыгы ылан көрүөх. Хайдах быһаҕынан кыһылларый? Ол быһах ханна, хайдах усулуобу­йаҕа оҥоһулларый? Ууһа кимий? Балык кыһарга туох таҥаһы кэтэн тахсаргар тиийэ толкуйданаҕын.

БЭЙЭҔИН КЫТТА ИЛДЬЭҔИН

– Эһиги, асчыттар, арааһа, ханна сылдьар сирдэргитигэр тэрилгитин, көрдөрөр, амсатар бородууктаҕытын илдьэ сылдьаргыт буолуо? Ким эйиэхэ тоҥ чыыр балыгы бэлэмнээн ууруой?

– Оннук. Ким туох фирменнэй бүлүүдэлээҕинэн, наадалааҕын барытын илдьэ сылдьар. Холобура, соторутааҕыта «Саха сирин амтана» бэсти­бээлгэ кэлэн барбыт мурманскайдар муора астарын бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллара. Манна хантан оннук бородууктаны булуохтарай? Мин кинилэргэ барарбар, бэйэм балыкпын уонна эппин эмиэ оннук таспытым.

БАРЫТА – КЫРАТТАН

– Араас омугу кытта алтыһар киһи туох бэ­­лиэтээһиннэри оҥоруоххун сөбүй?

– Туох барыта кыраттан саҕаланар. Холобура, бэйэбитигэр сыһыаннаан холобур­даатахха, араас дойду бэрэс­тэбиитэллэрин эбэтэр сала­йааччыларбыт дьыалабыай көрсүһүүлэрин, кэпсэтиилэрин остуолугар Bon Aqua суруктаах уу турара төһө сиэрдээҕий? Ити оннугар «Якутяночка» турдаҕына тоҕо сатамматый? Онон мин сылдьыбыт дойдум төһө бэ­­йэтин убаастыырын, сайдыытын таһымын итинник кыра холобурдартан сыана быһабын. “Норуоппутугар чугаспыт” диэн санаанан салайтаран, Мурманскай уобалас, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин губернатордара ВДНХ-ҕа быыстапкаларга бэйэлэринэн дойдуларын аһын тарҕатыыларыгар тураллара үгүс киһи болҕомтотун тарпыта. Онон итиник өрүтү учуоттуур хайаан да наада.

ААТЫРБЫТ ВАСИЛЬЧУКТАР КЫНАТТАРЫГАР

– Бу күннэргэ Москваҕа бардыҥ уонна “муус устарга диэри онно үлэлиибин” диэтиҥ…

– Тохсунньу 23 күнүгэр ВДНХ-ҕа Саха сирин ас атыылыыр пууна (корнер) аһыллар. Ону Москва куорат мээрэ Сергей Собянин уонна аатырбыт ресторатордар, убайдыы быраат Алексей уонна Дмитрий Васильчуктар Restart Vasilchuk Brothers холдиннара үбүлүө. Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн саха аһын-үөлүн билиһиннэриэхпит. Бүгүҥҥү күҥҥэ ВДНХ-ҕа тоҥ балык арааһа атыыга турар. Корнер муус устарга диэри үлэлиэҕэ. Маны таһынан, ахсынньы саҥатыгар Москваҕа тиийэн, шеф-асчыт быһыытынан икки эрэс­тэрээҥҥэ Арктика куукунатын билиһиннэриэхтээхпин.

… Ити курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ федеральнай таһымҥа үлэ­лиир ”Атласовтар уһаайбалара” эрэстэрээн бренд-асчыта Николай Атласов кэскиллээх былаана үгүс.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: