Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев дьиэ кэргэнэ тиһэх суолугар атаарыы кутурҕаннаах күннэригэр өйөбүл иһин махталын биллэрэр
Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэбит күндү олохтоохторо, Арассыыйа уонна аан дойду араас куораттарыттан уонна эрэгийиэннэриттэн ытыктабыллаах кэллиэгэлэр, соратниктар, доҕотторбут, чугас дьоннорбут!
Кэргэним, күндү аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит Михаил Ефимович Николаевы тиһэх суолугар атаарыы кутурҕаннаах күннэригэр биһиги ыар сүтүкпүтүн бииргэ үллэстибиккитигэр барҕа махталбытын биллэрэбит. Биһиги туспутугар ыар кэмнэргэ норуот сүҥкэн өйөбүлүн, бэйэтин Бастакы Бэрэсидьиэнигэр истиҥ тапталын, дириҥ ытыктабылын биллибит. Кутурҕаннаах күннэр устата дьон сибэкки дьөрбөлөөх, тохтоло суох кэлэн бырастыыласта.
Биһиэхэ, дьиэ кэргэнигэр, Михаил Ефимович мэлдьи тапталынан угуттуур, болҕомтолоох күндү киһибит – тапталлаах кэргэн уонна аҕа, саамай кыһамньылаах эһээ итиэннэ хос эһээ, өйөбүл-тирэх этэ. Биһигини суобастаах буоларга, хаһан да таҥнарбат уонна кэхтибэт буоларга үөрэппитэ. Аҕа быһыытынан аһара кытаанах төрөппүт буолбатах этэ эрээри, биһиги хаһан баҕарар тылбытыгар хайаан да туруохтаахпытын өйдүүрбүт. Үлэтин суола саҕаланыаҕыттан, кинини ханна ыыталларынан бииргэ батыһа сылдьыбыппыт. Дьиэ кэргэнэ киниэхэ эрэллээх тыылынан, өйөбүлүнэн-тирэҕинэн буоларын билэрэ, ол да иһин төрөөбүт дойдутугар, норуотугар толору күүһүнэн-кыаҕынан сулууспалыыр кыахтааҕа.
Эһиги өйөбүлгүт биһигини улаханнык долгутта. Ыар сүтүкпүт аһыытын үллэстибиккитигэр, күндү киһибитин үрдүктүк чиэстээн тиһэх суолугар атаарбыккытыгар махтал-баһыыба тылларын этэбит. Ураты махталбытын ис сүрэҕиттэн кыттан, биһиги дьиэ кэргэни өйөөбүт, тиһэх суолугар атаарыы тэрээһининэн тус бэйэтинэн дьарыктаммыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка уонна кини кэргэнигэр Людмила Валерьевнаҕа тириэрдиэхпитин баҕарабыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ дьоһуннук тиһэх суолугар атаарыллыбытыгар, элбэх ахсааннаах дьон-норуот кини сырдык кэриэһигэр сүгүрүйэр, бырастыылаһар кыахтаммытыгар Айсен Сергеевичкэ махтанабыт.
Арассыыйа Федерациятын үрдүкү салалтатыттан, ол иһигэр Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Владимирович Мишустин, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Петрович Трутнев, РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Ивановна Матвиенко, Москва уонна Бүттүүн Русь Патриарха Кирилл, дойду эрэгийиэннэрин салайааччылара, онтон да үгүс атыттар дириҥ кутурҕаннарын биллэриилэрин иһин махтанабыт.
Саха сирин норуотугар туһаайыллыбыт өйөбүл тыллар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин билэр, үрдүктүк сыаналыыр уонна ытыктыыр аан дойду араас дойдуларыттан салгыы кэлэллэр. Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеевкэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Владимирович Тарасенкоҕа махталбытын тириэрдэбит.
Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Сандаминович Федотовка уонна Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ кэлэктиибигэр Москва куоракка кутурҕаннаах тиһэх суолугар атаарыы тэрээһинин ыыппыттарыгар махтанабыт.
“Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук баһылыга Евгений Николаевич Григорьевка ис сүрэхтэн баһыыбалыыбыт. Дьокуускай уонна Ленскэй Архиепискоба Ромаҥҥа барҕа махтал тылларын этэбит. Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Валериевич Иринеевкэ, ааспыт сыллардааҕы улуус баһылыктарыгар Афанасий Семенович Владимировка, Гаврил Юрьевич Алексеевка, Юрий Николаевич Зайцевка, Өктөм нэһилиэгин баһылыга Александр Николаевич Большаковка, Өктөм нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Акулина Иннокентьевна Максимоваҕа, II Дьөппөн нэһилиэгин баһылыга Александр Николаевич Константиновка уонна Михаил Ефимович бары биир дойдулаахтарыгар төрөөбүт Өктөмүн нэһилиэгэр Чапаево сэлиэнньэҕэ көмүллүүнү тэрийии иһин махтанабыт. Михаил Ефимовиһы эмтээбит быраастарга, ордук чуолаан Нюргуна Васильевна Протодьяконоваҕа истиҥ махталбытын этэбит. Дьиэ кэргэн аатыттан Афанасий Васильевич Мигалкиҥҥа, Афанасий Иванович Ноевка, Юрий Иванович Семеновка, Сергей Валентинович Поповка, Николай Андреевич Барамыгиҥҥа ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Бу күннэргэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөспүттэри барыларын ааттыыр кыаллыбат. Биһиги Москваҕа, Дьокуускайга, Хаҥалас улууһугар, өрөспүүбүлүкэ атын да сэлиэнньэлэригэр, куораттарыгар быраһаайдаһыы тэрээһинигэр үтүө тылынан ахтыбыттарга, санааларын үллэстибиттэргэ махтанабыт.
Кутурҕаннаах күннэрбитигэр биһигини өйөөбүккүтүгэр, көмөлөспүккүтүгэр, бэйэҕит Бастакы Бэрэсидьиэҥҥитин тиһэх суолугар чиэстээн атаарбыккытыгар, норуот бүттүүнүн истиҥ тапталын, ытыктабылын иһин ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Нөрүөн нөргүйэбит. Эһиэхэ, хаан-уруу, чугас дьоҥҥутугар доруобуйаны баҕарабыт.
Ытыктабылы кытта Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: