Саха литературатыгар Ийэ уобараһа
Саха литературатыгар Ийэ уобараһын айбатах, төрөппүт ийэтигэр айымньытын анаабатах суруйааччы суоҕа буолуо. Ол курдук бу күн сиригэр Ийэ хас биирдии киһиэхэ саамай чугас, күндү киһитэ буолар. Кини оҕотугар күн сирин – олоҕу, төрөөбүт дойдуну, төрөөбүт тылы биэрэр. Ону ааһан киһи олоҕун тухары кинини харыстыыр, арыаллыыр аанньала буолар. «Оҕо сүрэҕэ – тааска, ийэ сүрэҕэ – оҕоҕо» диэн кытаанах этии баар. Ону Н.И.Харлампьева бэркэ быһаарбыта: «Оҕо куруук элбэҕи билээри-ситиһээри, ийэ эйгэтиттэн таска дьулуһар». Оттон ийэ улааппыт оҕотугар болҕомтото өссө күүһүрэр, этэргэ дылы, улахан оҕо – улахан болҕомтону эрэйэр. Ол иһин А.Е.Кулаковскай эппитэ: «Саха дьахтара олох ураты оҕомсох. Оҕо төһө да иринньэҕин, ыарыһаҕын, куһаҕан дьүһүннээҕин-бодолооҕун иһин – син биир ийэҕэ таптатар… Төрөппүт оҕолорун хойуккуларын туһунан баҕа санааларын ийэлэр туора дьоҥҥо этээччилэрэ суох. Кинилэр оҕо тыыннаах эрэ хааларыгар баҕараллар».
Эллэй «Ийэттэн төрүүллэр геройдар, генийдэр»- диир. Б.Тобуруокап эмиэ: «Ийэттэн төрүүллэр улуулар, геройдар», — диир. Чахчыта да оннук – Ийэттэн төрөөбүттэрэ Чыҥыс Хаан, Тыгын, Өксөкүлээх, Ойуунускай… Оннук санаатахха, киһи эрэ үөрэр. Эрилик Эрилик кэпсээнигэр Мотуоһа үрүҥнэр кыыллыы кырбаан өлөрөр Дуорастаайаптарын көрөн сөҕөр: «Хаарыан киһи, эн курдук оҕо дьахтартан эрэ төрүүрэ биллибэт», — диир.
Оттон С.Данилов «ийэ төрөппөт торҕону да, тойону да, ийэ төрөтөр сыа хаар курдук ыраас оҕону», — диир. Ол курдук оҕону иитэн, киһи оҥорон таһаарыы туохтааҕар да ыарахан үлэ буолар. Н.Харлампьева: «Маанытык иитиллибит оҕоттон куһаҕан киһи тахсыбат диэн бигэ эрэллээхпин»,- диир.
П.А. Ойуунускай «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» диэн хоһоонугар ийэтин көмүс уҥуоҕун үрдүгэр мааныланан иитиллибитин ахтар-махтанар уонна норуот уола буоларын билинэр: “Ийэкээм, эн биэрбит сүрэххин норуоппар аныыбын”, — диэн этэр.
Амма Аччыгыйа бииргэ үлэлээбит дьоно ахталларынан, үйэтигэр арыгыны амсайбатах киһи биирдэ үлэтигэр тиийэн кэлэн дипломатын арыйа баттаабыт уонна шампанскайы ойутан таһааран баран, үөрэ-көтө эппит: «Дьэ, доҕоттоор, бүгүн мин ийэм төрөөбүтэ 100 сыла». 90-чалаах кырдьаҕас суруйааччы, улахан ыарыыга ыллара сытан, тиһэх тыла: «Ийээ», — диэн үһү…
Амма Аччыгыйа оччотооҕу ыарахан олохтоох ийэ кинини ырыган тобугар олордон, уҥуох илиитинэн имэрийэрин, ыарыйдаҕына кууһан бэйэтин сылааһынан эмтиирин туһунан уйадыйа ахтар. Ааптар кытаанах андаҕар этэр: ийэбин умнар, киэр хайыһар буоллахпына, киһи буолумуум диэн:
Ийэм эрэйдээх, эйиэхэ
Эдэр сааспынан андаҕайабын,
Экчи тылбын этэбин:
Элбэх сааһыҥ адаҕыйан,
Иэгэйэ кырдьар кэмнэргэр
Эйигин быраҕан бараммын
Иэтэр-туотар буоллахпына, —
Халыҥ үйэм устатыгар
Харылыйа-кэмсинэ сылдьыым,
Ханыыттан кыбыста кырдьыым…
С.Васильев “Ийэ алгыһа” диэн хоһоонугар Ийэ уолун сэриигэ алҕаан ыытар, кини күүстээх санаалаах буойун буолан кыайыы көтөллөөх эргиллэригэр эрэнэр. Оттон Дьуон Дьаҥылы ийэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэр, уоскутар, кини атаах уолчаана куттанар диэни билбэт буойун уонна Ийэ дойдуну көмүскээччи бухатыыр буолбутун туһунан киэн тутта этэр:
Илиибин-атахпын сыллаппыт
Иринньэх уолуҥ улааттым…
Бырастыы, ийэм, «биир уолум
Өлүө» – диэн ытаама!
Чугас кыайыы күнэ!
Кыайан-хотон Ийэ сирбит
Устун кый ураатыы,
Баҕар, тыыннаах эргийиэхпит,
Бардыбыт, бырастыы!
Поэттар ийэлэрин истиҥ, амарах сыһыаннарыгар, минньигэс тапталлаах тылларыгар, сылаастык кууһалларыгар-сыллыылларыгар махтаналлар. А.Бүлүүйүскэй бу күн сиригэр соҕотох күндү киһитигэр – ийэтигэр уйаҕас сыһыанын туһунан үгүстүк суруйар. 17 саастаах уол ийэтэ ыраахтан кэлэн баран көрсүһэллэригэр уолун сыллаабатаҕыттан хомойон, хоргутан ылар, ол да буоллар ийэтэ кинини таптыырыгар эрэллээх:
Бадаҕа, мэнигийчээниҥ
Улааппыт быһыылаах уолуҥ…
Уолуҥ ону хайдах эрэ
Иһигэр хом да санаатар,
Умуллубат таптал кэрэ
Уотун булла хараххар.
Оҕо улаатан да баран, олоҕун ыарахан кэмнэригэр эмиэ ийэтин булар. Онно кини уоскулаҥы көрдүүр, сынньанар, ийэ тапталыгар бигэнэр. Холобур, И.Гоголев:
Төнүннүм эн быыкаа дьиэҕэр
Буурҕаттан куотан, — диэн этэр.
Р.Баҕатаайыскай ийэтигэр «мин туспунан куһаҕан сонуну иһиттэххинэ, хомойума, ытаама» — диир. И.Мигалкин «халлааным саппаҕырбыт кэмигэр ийэм эрэ миигин саҥата суох өйдүүр», — диир.
Уолаттар ийэлэрин алгыһынан күүһүрэллэр. Ол иһин махтал тылларын этэллэр.
Эллэй «Таптыаҕыҥ ийэни!» хоһоонугар Ийэҕэ гиимин айбыта билиҥҥээҥҥэ дылы ыллана сылдьар:
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни
Күөх сирэм сир күнүн –
Таптыаҕыҥ ийэни!
В.Сивцев Ийэҕэ “Ийэм тыына” диэн сонет дьөрбөтүн суруйбута интэриэһинэй айымньы, ийэтигэр бэлэх буолбута.
Прозаҕа суруйааччылар ийэ уобараһын дириҥник хорутан көрдөрөллөр.
Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамааныгар оҕо уонна ийэ сыһыаннарын иһирэхтик ойуулаабыта көстөр. Ийэ оҕотугар амарах сыһыаннаах, истиҥник ис сүрэҕиттэн таптыыр, кини туһугар долгуйар-ыалдьар, оҕотунан дьоллонор дьахтар буолара көстөр. Манна прототиибинэн кини төрөппүт ийэтэ буолара саарбахтаммат. Инньэ гынан Амма Аччыгыйа андаҕайбыт тылыгар туран, ийэтигэр тапталын аан дойдуга биллэрбитэ, ийэ үйэлээх уобараһын айбыта.
Н.Лугинов “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” арамааныгар улуу киһи ийэтин туһунан кэпсиир. Одьулуун аҕата суох хаалбыт улахан уолун күүстээх санаалаах киһи уонна бар дьонун көмүскээччи буола үүнэригэр көмөлөһөр. Ааттаах-суоллаах уолугар куруук да олоҕун тухары сүбэһит буолар. Чыҥыс Хаан ийэтин тылын истэр уонна кини олоҕор оруолун өйдүүр-сыаналыыр:
“-Биһиги Ийэбит дьиҥ-чахчы улуу киһи. Ити кини эппитин уу-хаар тылынан убатымыаххайыҥ… Кэнэҕэһин-кэнэҕэс үгүс кэлэр ыччакка Ийэбит туһунан кэпсиэхпит буоллаҕа…” Оннук да буолбута, историяҕа Одьулуун аата уолун Чыҥыс Хаан аатын кытта тэҥҥэ киирибитэ.
Д.Наумов “Сталин мэтээлэ” кэпсээнигэр хаһан да көрбөтөх, кинини төрөтөөт өлбүт ийэтин саныыр-ахтар. “Эдьиийим дьааһыгар биһиги дьиэбитигэр, мин көрбөтөх, дьикти малларым бааллара. Ол дьааһык аһылыннаҕына, иһинээҕи мал көрүүтүгэр улахан кыттыыны ыларым… Хоруопка иһигэр үс мэтээл баара. Үһүөн биир көстүүлээхтэрэ, Сталин төбөтө ойуулаахтара. «Бу эбэҥ мэтээлэ, бу ийэбит, оттон бу эн ийэҥ Сиибиктэ мэтээлэ», — диэн эдьийим эр-биир көрдөрөрө. Бүтэһик тыллартан сүрэҕим битигирии түһэрэ. Бу хаһан да көрбөтөх, ол гынан баран кыракый оҕо дууһабын биллибэт иэйиинэн долгутар киһи туһунан кэпсиир биһиги дьиэҕэ баар соҕотох мал этэ… Билигин сааһыран олорон араамаланан, истиэнэҕэ ыйанан турар ол мэтээли көрөбүн. Мин төрүүр сылбар, 1948 сыллаахха түөстэригэр иилбиттэр. Килбиэннээх үлэлэрин иһин. Хоргуйууну хоппуттарын, кыайыыны уһансыбыттарын иһин…
Мин эдэркээн Ийэм! Мин сүгүрүйэбин, Эн Сталин мөссүөннээх мэтээлгэр! Миэхэ, дьоҥҥо олох биэрбит, тохпут көлөһүҥҥэр!
Кыайыы мэтээлэ… Сталин мэтээлэ… Мин мэлдьи эдэр ийэкэм мэтээлэ!”
Д.Наумов дойдутугар сэрии оҕолоругар аналлаах өйдөбүнньүк туруорбута.
Ийэ буолар аналын эрдэттэн өйдүүр, олох, дьол иһин охсуһар уонна ыарахаттары эрдээхтик кыайар кыыс оҕо дьылҕатын С.Маисов, Уйулҕан ойуулаабыттара. С.Маисов “Ийэм кэпсиир” түөрт кинигэлээх арамааныгар кыыс оҕо уончатын ааһаат, турбутунан тулаайах хаалар. Сэрии ыар сылларыгар эрэй бөҕөтүн эҥэринэн тэлэр. Ол да буоллар киһи буолар, кэнчээри ыччатын төрдүн түстүүр. Кыыс ийэтэ өлбүтүгэр өйө-мэйэ суох ытаабытыгар кырдьаҕас киһи сүбэлиир – наһаа айманыма, инникигин быһа түһэн кэбиһимэ, эйиэхэ уонна эн оҕолоргор ийэҥ хаана сүүрүө, онон кини тыыннаах буолуо диэн.
“Мин, төһө да ыар аһыыттан өйүкү-төйүкү баран олордорбун, Уйбаан оҕонньор ити иһэ истээх, улаҕалаах этиитин тоҕо эрэ хаппар өйбөр хатаан, өйдөөн хаалбыппын. Уонна онтум кэлин, олохпор амырыын алдьархай илэ ааҥнаабыт күннэригэр, түгэннэригэр эмискэ тэһэ санаан күүспэр күүс, санаабар санаа эбиллэн үрүҥ тыыммын өллөйдөөн үгүстүк көмөлөстөҕө, өрүһүйдэҕэ…
Мин тыыннаахпын – ол аата ийэм тыыннаах. Ийэм мин дии, мин кини оҕотобун… Оо, астык, үтүө да санаа… Кырдьык салгыы олох олоруохха сөп эбит ээ, мин этим-сииним – ийэм этэ-сиинэ, мин олоҕум – ийэм олоҕо… Бэл оҕо киһи ситэ-хото илик өйүм-санаам син тобуллан, хараҥа былыт быыһыттан сырдык сардаҥа тыгарын кэриэтэ, олоххо тардыһыы уҕараабат уһуу тыынын утаҕын өйдөөбүтүм…»
Ол курдук оҕолор ийэлэрин, төрөппүттэрин олохторун салгыыллар. Ол да иһин Сайа суруйар:
Ийэм курдук көрөбүн,
Ийэм курдук туттабын,
Ийэм курдук саныыбын…
Оннук эбээт, кырдьыга.
Ийэм миэхэ иккистээн
Тиллэн сылдьар курдук дуу,
Сааһын ситэ олорор
Санаа буолан кэлэр дуу…
Арчылан ханнык баҕарар киһиэхэ Ийэ диэн бу аан дойдуга саамай бастакы уонна соҕотох улуу өйдөбүл буоларын туһунан этэр:
Ийэ диэн – сып-сырдык.
Ийэ диэн – ып-ыраас,
Ийэ диэн – Аан Биһик,
Ийэ диэн – Аан Аартык,
Ийэ диэн – соҕотох,
Ийэ диэн бу – Олох!
Хотугу норуоттар литератураларыгар Ийэ уобараһа
Н.С.Тарабукин
Н.С. Тарабукин (1910-1950) – эбээн литературатын төрүттээбит бастакы суруйааччы. Кини төрүттээбит үгэстэрин – оҕоҕо аналлаах айымньыны уонна автобиографическай жанры бары хотугу суруйааччылар салгыыллар.
Н. Тарабукин “Оҕо эрдэхтээҕим” (1938) сэһэнигэр чугас дьонун уобарастарын бэрт уйаҕастык уонна юмордаахтык арыйбыта. Сэһэҥҥэ ааптар элбэх хоһооно киирэн, айымньы лириическэй тосхолун күүһүрдүбүтэ. Ол курдук суруйааччы бэрт юмордаахтык уолчаан кырачаан сылдьан туһунан суруйар. Ол да буоллар кини маанытык, атаахтаан-мэнигилээн үүммүт оҕо сааһа уһаабатах. Тулаайах уол олох араас ыарахаттарын көрсөр – ыалга хамначчыттыыр, туора көрүллэр, аһаппаккалар аччыктыыр эрэйин билэн ытыыр-соҥуур. Кини дьоло – оскуола боруогун атыллааһына, үөрэх буолар. “Ийэм уҥуоҕар иһэн” хоһоонугар кини тапталлаах ийэтин кытта кэпсэтэр. Ордук Пушкин эппитин курдук, “дьиикэй тоҥустан” тахсыбыт поэт буолбутун туһунан сонунун чугас киһитигэр кэпсээн дьоллуон баҕарарын туһунан этэр. Н.Тарабукин Ленинград куоракка үөрэммитэ. Онно учууталлара, ордук В.Цинциус кини суруйааччы буолан үүнэн тахсарыгар көмөлөспүттэрэ. Кини үрдүк үөрэхтэнэн да кэллэр, чороҥ соҕотох этэ. Ол иһин кини поэзиятыгар соҕотохсуйуу, санаарҕабыл матыыба олус күүстээх.
Эмиийиҥ сылааһын
Иэдэспэр иҥэрэн,
Минньигэс үүккүнэн
Мэйиибин эргитэн,
Уккунньах суоһунан
Уҥара кууһаргын
Умнубат эрэйтэн
Уйарҕаан иһэбин –
Ийэкэм, ийэкээм,
Ийэкэм эрэйдээх!
Эн ииппит оҕоккоҥ,
Эрэйдээх иринньэх,
Истэҥҥин үөрүөххүн, —
Элбэҕи мин биллим:
Били урут “дьиикэй”,
Билиҥҥи сэбиэскэй
Тоҥустан тахсыбыт
Тойуксут аатырдым.
Ийэкэм, ийэкээм,
Ийэкэм эрэйдээх.
Г.Н. Курилов-Улуро Адо
Г.Н. Курилов-Улуро Адо (30.04.1938) – юкагир биллиилээх суруйааччыта. Кини юкагир литературатыгар поэзияны уонна оҕо литературатын саҕалаабыта. Туундаратын, табаһыт дьонун туойбут үгүс кинигэлэрэ нууччалыы бэчээттэнэн киэҥ ааҕааччыга тиийбитэ.
Юкагир литературатыгар үс бырааттыы суруйааччылар Куриловтар ааттара биллэр. Улуро Адо орто уоллара. Кинилэр бары ийэлэригэр сүгүрүйэллэрэ. Анна Васильевна төрөөбүт норуотун тылынан айымньытын, үһүйээннэрин, ырыаларын-тойуктарын бэркэ билэрэ уонна ону барытын уолаттарыгар тиэрдэн, бары талааннаах суруйааччы буолан үүнэн тахсыбыттара. Улуро Адо ийэтин уонна туундаратын биир тэҥник таптыыра, сүгүрүйэрэ көстөр. Ол курдук Ийэм мэтириэтэ хоһоонугар маннык суруйар:
Ийэҥ хаартыската суох диэҥҥин
Этэн турардааххын биирдэ.
Онно мин эппит эппиэппин
Умнубаппын хаһан да:
- Дьэ тоҕо тураҕын.
Көрүүй эн тулаҕын,
Бу мыччыстаҕас туундара –
Ийэм эрэйдээх иэдэстэрэ!
Тымыр кырдук сырдык сыккыстара –
Ийэм чэрдээх илиилэрэ!
Күлүмүрдэс уулаах көлүйэлэр
Күн ийэм курдук көрөллөр,
Кырыарбыт будьурхай талаҕа –
Кырдьаҕас ийэм баттаҕа.
Сыыһаҕын, доҕорум! Сыыһаҕын!
Бу көстөр барыта –
Мин ийэм мөссүөнэ!
Чэ, көрүүй эн, көрүүй тулаҕын –
Үчүгэй да ийэлээх эбиппин.
Ийэтэ, уола улааппытын уонна ыраах тэлэһийбитин да иһин, куруук санаатын бөҕөргөтө, үөрэтэ-такайа сылдьар эбит.
Ийэм суруктарыттан (поэматтан)
Бастакы сурук
Оҕоккоом!
Эн суругуҥ кэлбэтэх күнүгэр
Мин халлааным,
Ибили сытыйбыт саҥыйах курдук,
Ыбыс ыарахан буолар.
Оччоҕо
Ханнык диэбит ылааҥы күҥҥэ
Мин санааларым
Түүҥҥү ыйдаҥаҕа бөрө ыспыт
Табаларын курдук бытаналлар.
Оттон бүгүҥҥү
Эн суруккун туппут күнүм,
Мин бастыҥа былаатым буолан,
Эн суругуҥ сылааһынан
Илгийэр ибис-итиитик.
Төрдүс сурук
Эн эрчимиҥ күн аайы эбиллэн истэҕэ,
Оттон миэнэ күнтэн күн көҕүрүүр.
Эн өйүҥ-санааҥ күн аайы эбиллэн эрдэҕэ,
Оттон миэнэ сыппыыр, мөлтүүр…
Сэттис сурук
…Оҕоккоом,
Эн бу кэнники суруккар
Аан бастаан
Дьахтар илиитин сыта билиннэ.
Тугуй?
Туспа буруо таһаарынан
Туундараҕын үөрдэр санааланныҥ дуо?..
Хайдах кыыһый ол эн холумтаҥҥар
Уккунньах угарга сөбүлэспит оҕо?
Уоту төһө түргэнник уматарый?
Аны оттубут оһоҕо
Буруотунан тулуппата буолаарай!..
Эбэлэриҥ этэллэр: Дьэ хаһан аҕалан,
Кэргэнин көрдөрөр киһиний!…
М.П. Федотова-Нулгынэт
М.П. Федотова (31.12.1946) – эбээн суруйааччыта, прозаик, драматург. Оҕо суруйааччытын быһыытынан биллибитэ. “Тэбэнэттээх Нулгынэт” (2007) арамаанын ааҕааччы сэргээбитэ. Суруйааччы хотугу дойду олоҕун уратыларын ойуулуур.
Нулгынэт “Тэбэнэттээх Нулгынэт” автобиографическай арамааныгар ийэтин уобараһа биир сүрүн миэстэни ылар. Ол курдук кыысчаан ийэтин кытта үксүгэр ыстаадаҕа, балааккаҕа олороллор. Ийэтэ тугу барытын сатыыр, кыайар – таба көрөр, бултуур, балыктыыр, иистэнэр. Ону таһынан кини олус кэпсээннээх, ыллыыр-туойар дьоҕурдаах. Туох баар сатабылын, үөрүйэҕин кыыһыгар үөрэтэр. Кини кыыһа дьоллоох буолуон баҕарар. Табалары кытта сылдьар кыыс араас быһылааннарга түбэһэрэ көрдөөхтүк ойууланар. Ийэтэ айылҕаны өйдүүргэ, айылҕаттан үөрэнэргэ сүбэлиир. Арамаан күүстээх юморынан сөхтөрбүтэ, ааҕааччыны абылаабыта. Бу арамааныгар ааптар ийэлээх кыыс сыһыаннаһыыларын уонна оҕо ийэтигэр эмиэ сабыдыаллыыр кыахтааҕын көрдөрбүтэ. Ол курдук кыыс ийэтин эмиэ алдьархайтан быыһыыр.
Нулгынэт ийэтэ Христина Петровна
“Тэбэнэттээх Нулгынэт” арамаантан
Убайым барбытын кэнниттэн кэннэ, биһиги дьиэ кэргэн олоҕо айгыраабыта: кыайар-хотор, үлэлиир-хамныыр, булар-талар, бултуур-алтыыр киһибит суох буолан, дьон сирэйин-хараҕын кэтиир, тылын-өһүн истэр эрэ буолбуппут. Кинини кытта мин дьоллоох оҕо сааһым букатын барсыбыта. Убуйвм өлбүтүн кэннэ иэйбиниин ынах муоһун курдук иккиэйэҕин хаалбыппыт. Ыал муннугун аайы олоро сатаан баран, ийэм бииргэ төрөөбүттэригэр – Муомаҕа барарга быһаарыммыта… Биһиги ытыырбыт-соҥуурбут Муомаҕа да кэлэн баран бүппэтэҕэ…
Ийэм: “Аһыылаахпын!” – дии-дии, дьону үтүктэн, эмиэ иһэр-аһыыр буолан хаалла. Ийэм арыгы истэҕинэ миэхэ эрэ кыһаммат, төттөрүтүн мөҕөр-этэр, охсоору да гынар, арыт холдьоҕон да ыытар. Мин онтон хараҕым уута куурбат. Хайдах да: “Иһимэ!” – диэн ааттаһа-көрдөһө сатаабытым үрдүнэн, ылыммат…
— Аны итириэҥ да, мин дойдубар төннүөм, — марылаччы ытыыбын мин. – Кэлбит сирбин билэбин, сатыы барыам…
— Нулгынэт, аны мин иһиэм суоҕа. Көрөөр даҕаны, — диир. Көрдөһөрдүү санныбын сып-сылаас, сымнаҕас илиитинэн имэрийэр.
— Мин урут испэт этим, хата, манна кэлэн иһээччи буола сыстым, — ийэм итии чэйи сыпсырыйар, кыбыстар быһыылаах.
— Бу оҕону бопсубут диэбиттэрэ дии, — Татыйыына мин диэки эйэҕэстик көрөн ылар.
— Кырдьык, оҕом куттаан, хата, өй киллэрдэ эбээт, — ийэм мин диэки кылап гына көрөн ылар…
А.В. Кривошапкин
А.В. Кривошапкин (17.10.1940) – норуодунай суруйааччы, поэт, прозаик, публицист, оҕо суруйааччыта. Кини уонча арамаан ааптара. Суруйааччы эбээн норуотун былыргы уонна билиҥҥи олоҕун көрдөрөр.
А. Кривошапкин “Көс олох уһун суола” (2003) диэн автобиографическай арамаанын ийэтин сырдык кэриэһигэр анаабыта уонна ийэтин уобараһын арыйбыта. Эбээн дьахтарын олоҕун уратыларын, кыһалҕаларын, үлэтин-хамнаһын ойуулаабыта. Кини күн солото суох үлэлиир, табаларын маныыр, иистэнэр, ас астыыр, оҕолорун көрөр. Суруйааччы ийэтин күүскэ таптыыр, уһун олоҕун тухары умнубакка саныыр, ахтар, махтанар. Ийэтин үөрэҕин куруук өйдүү сылдьар уонна ону тутуһар сыаллаах олорор. Ийэтэ кинини үрдүккэ дьулуһарга, үөрэнэргэ, үтүө киһи буоларга такайар. Ийэтэ – Кривошапкина Ульяна Егоровна табаһыт, иистэнньэҥ. Уолугар бэргэһэтин, үтүлүгүн, сонун, этэрбэһин – барытын оһуордаан-ойуулаан тигэн уурара уонна саҥардан иһэрэ. Андрей Васильевич ыраахтан, дойдутун кииниттэн да кэллэр, ийэтэ бэлэмнээбит таҥаһын кэтэн, эбээн мааны киһитэ буола түһэрэ.
“Көс олох уһун суола” романтан
Ийэм этэр этэ…
-Ийээ, хайалар тугу эмэ саныыллара буолуо дуу?
-Саныыллара буолуо, тоойуом. Ити хайалар, ити мастра уонна бу үрэх барыны барытын көрөллөр, истэллэр, өйдүүллэр. Саҥарбаттар эрэ. Эн итини билиэх тустааххын. Барыга барытыгар сэрэнэн, өйдөөн сылдьыахтааххын…
Ийэм күнү быһа таба маныыр. Биһиги мэлдьи кинини кэтэһэбит. Кэллэр эрэ, үөрэн аймалаһабыт…
Ийэм миэхэ эппитэ:
-Атын дьон атаҕастыырын искэр кууллатыма, иҥэн хаалыаҕа, түргэнник аһаран кэбиһэргэ кыһан, оччоҕо эйиэхэ бэйэҕэр чэпчэки буолуоҕа…
Сирэйбэр күн уота тыган соһуччу уһуктабын. Үтүө күн үүммvт. Үөрэбин. Таба тириитигэр таралыйан сыппаппын. Ийэм: “Уһуктан хараххын астыҥ да ойон тур. Ороҥҥо таах сытан сүрэҕэ суох буолан хаалаҕын. Сүрэҕэ суох киһи дьон хараҕын аалар, кинини бары абааһы көрөллөр”…
Ийэм: “Бэйэҕэр баартан үллэстэр буол. Быстарбыкка көмөлөс”, — диирин өйдөөн доҕотторбор көмөлөһөбүн.
Туохха да ылсыһыам иннинэ, испэр мэлдьи: “Миэхэ ийэм этэр этэ…” – диэн саныыбын. Ийэм саҥата, салгын курдук, миэхэ олохпун тыынныыр. Ийэм саҥатын истэбин, киниэхэ сүбэлэтэбин. Бу миэхэ улахан дьол. Ийэм миэхэ этэр этэ… Бу алыптаах тылларга төһөлөөх күүс уонна эрэмньи баарый?!
Хотугу норуоттарга төрөппүт уонна оҕо сыһыана олус ураты уйаҕас буолар дииллэр. Оҕону мөхпөттөр, охсубаттар, төттөрүтүн төрүөҕүттэн ытыктыыллар. Ол курдук А.Кривошапкин айымньыларыгар суруйарынан, эбээннэргэ маннык муударай абыычай баар эбит: оҕо төрөөтөҕүнэ, төрөппүт аата умнуллар, кинини оҕотунан ыҥыраллар – Апока аҕата, Апока ийэтэ диэн. Хотугу дойду тыйыс усулуобуйатыгар оҕо диэн оннук күүтүүлээх уонна күндү. Хотугу норуоттар суруйааччылара ийэлэригэр махтанан туран айымньыларын аныыллар, Ийэ кэрэ уобараһын айан үйэтиппиттэрэ уонна эр санаалаах, хорсун, үлэһит хотугу дьахтар күүстээх характерын арыйбыттара.
Варвара Окорокова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: