Салгыы
Саха муусуката сайдыытыгар үтүөлээх самодеятельнай композитор

Саха муусуката сайдыытыгар үтүөлээх самодеятельнай композитор

25.02.2024, 10:44
Хаартыска: Култуура Намнааҕы салаата
Бөлөххө киир:

Захар Порфирьевич Винокуров (1922–1957 сс.) саха муусукатын устуоруйатыгар чаҕылхай страницаны арыйбыт, саха ырыатын аан дойду түһүлгэтигэр таһаарбыт, сахалартан биир бастакы самодеятельнай композиторынан буолар. Кини Нам оройуонун Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саха бэйиэттэрин тылларыгар элбэх ырыа ааптара, кылгас чаҕылхай олоҕун саха муусукатын, ырыатын айарга, тарҕатарга уонна ыччаты үөрэтиигэ анаабыта.


Быйыл кулун тутар 12 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Захар Порфирьевич Винокуров айар үлэтигэр аналлаах «Үгэс буолбут уонна профессиональнай мусукаалынай ускуустуба» Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ  ыытыллаары турар.
Дьоһун тэрээһин иннинэ саха ускуустубатын, култууратын, литэрэтиирэтин уонна тыйаатырын үтүөлээх үлэһиттэрэ Ф.С. Аргунов, С.И. Тарасов, Ф.А. Баишева саха муусукатын сайдыытыгар үтүөлээх, айылҕаттан талааннаах З.П. Винокуров туһунан «Эҕэрдэ аҕаллым – сахалыы ырыабар» кинигэҕэ киирбит ахтыыларыттан кылгатан билиһиннэрэбит.

Сахалартан биир бастакы композитор

«...Захар Порфирьевич Винокуров кылгас уонна кэрэ олоҕо миэхэ мэлдьи айылҕа уһуктар сааскы кэмин санатар. Кини олоҕо саҥардыы аҕай саҕаланан испитэ, кылгас кэмҥэ үлэлээбитэ, айбыта. Кылгас кэм иһигэр суруйан хаалларбыт ырыалара тѳһѳлѳѳх нарыннарый, истиҥнэрий? Оттон кини тус бэйэтэ эмиэ саас курдук эйэҕэс, аламаҕай майгыннааҕа, сытыары-сымнаҕас характердааҕа. Захар Порфирьевич кылгас олоҕо, үлэтэ бүтүннүү саҕаланан эрэр сааскыны санатар кэрэ, табыллан нарыламмыт ырыа курдук тупсаҕай этэ.
Композитор М.Н. Жирков олоҕун тиһэх сылларыгар талааннаах композитор-мелодист Захар Порфирьевич Винокуров ырыалара саҥардыы ылланан барбыттара. 50-с сыллар бастакы аҥардарыгар профессиональнай ырыаһыттар уонна уус-уран самодеятельность кыттаччыларын репертуардарыгар саҥа ырыалары, сүнньүнэн, З.П. Винокуров биэртэлээбит.
Кини сахаларга М.Н. Жирков кэнниттэн аналлаах композиторскай үѳрэххэ үѳрэммит иккис киһинэн буолар. Композитор үѳрэҕин ситэрбэтэҕин да иһин, саха мелодистарыттан аан бастакынан композитор буолар суолга саҥардыы үктэнэн испитэ…
1944-47 сылларга Захар – Москватааҕы Чайковскай аатынан консерватория дирижерскай-хоровой факультетын устудьуона. Бу үѳрэҕин бүтэрдэҕинэ, дирижер буолан тахсыахтаах…
1950 сыллаах күһүн Якутскайдааҕы музыкальнай училищеҕа фортепиано кылааһыгар бииргэ үѳрэнэр дьон буолан хааллыбыт. Нэдиэлэҕэ хаста даҕаны бииргэ түбэсиһэ түһэбит, кэпсэтэбит. Захар Порфирьевич фортепиано уруогун кэнниттэн мин олорор хоспор хам-түм киирэр буолара. Ону-маны сэһэргэһэрбит, музакаҕа сыһыаннаах боппуруостары ырытарбыт. Кини музыкаҕа интэриэһэ хайдах үѳскээбитин, консерваторияҕа үѳрэнэ сылдьыбытын, билигин бэйэтэ хайдах дьарыктанарын кэпсээн аһарара…
1954 сыллах күһүн Захар Порфирьевич композитор Грант Григоряҥҥа үѳрэнэр буолбут эбит. Кини учууталын олус сѳбүлүүрэ…
1955 сыллаах саас Якутскайдааҕы музыкальнай училище иһинэн теоретическай композиторскай отделениены аһар туһунан уураах таҕыста. Бу отделениеҕа үѳрэнээччилэр быһыыларынан Захар Винокуров, Серафим Павлов уонна мин ылылынныбыт…
Ити дьыл, Октябрь бырааһынньыгын аҕыйах хонук иннинэ, Захар Порфирьевич ырыаларын хомуурунньуга «Дьол-үѳрүү ырыалара» бэчээттэнэн таҕыста. Композиторскай отделениеҕа учууталлыын, оҕолордуун бу событиены улахан үѳрүүнэн кѳрүстүбүт. Бары Захар Порфирьевичпытын истиҥник эҕэрдэлээтибит…
Захар Порфирьевич саамай улахан баҕата, дьулуһар дьулуура композицияҕа аналлаах үѳрэҕи бүтэрэн, техническай ѳттүнэн толору бэлэмнээх дьиҥнээх композитор буолуу этэ. Дьэ ити даҕаны иһин музыка үѳрэҕин ситиһэргэ үс тѳгүллээн тѳхтүрүйэн үѳрэммит.
Захар Порфирьевич оҕо ырыаларыныын барыта 50-тан тахса ырыаны айбыта. 1955 саллаахха Саха театрын сакааһынан Николай Туобулаахап «Чараҥҥа» диэн лирическэй драматыгар музыка суруйбута. Ити драма 5-6 ырыалааҕа. Композитор баара-суоҕа 35 сыл олох олорбута. Бу аҕыйах сылтан айар үлэнэн дьарыктанарыгар 7-8 сыл курдуга тиксибитэ. Үлэлэрин, үѳрэнэрин быыһыгар унньуктаах ыарахан ыарыы мэһэйдиирин үрдүнэн, эдэр композитор дьаныардаахтык үлэлээн, тѳрѳѳбүт норуотугар аҕыйах да буоллар чаҕылхай кэрэ ырыалары бэлэхтээн хаалларбыта.
Саха норуотун профессиональнай музыкальнай культуратын ырыанан жанра сайдыытыгар Захар Порфирьевич Винокуров айар үлэтэ биир туспа кэрдиис кэм быһыытынан кѳстѳр…».

Ф.С. АРГУНОВ,  ССРС композитордарын союһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүѳлээх үлэһитэ

Сүрэхтэн сүппэт ырыалар

«…Ити кэм биир уһулуччулаах ырыата ыччаттар уонна устудьуоннар Бүтүн Аан дойдутааҕы 5-с фестивалларыгар Варшаваҕа тиийбитэ. Фестивальга аналлаах ырыа тылын поэт Семен Данилов суруйбута, музыкатын композитор Захар Винокуров айбыта, ырыаны саха талааннаах кыыһа Анастасия Лыткина толорбута. Мин ол туһунан ѳссѳ ааспыт үйэ бүтүүтүгэр «Кэрэҕэр сүгүрүйэ, долгуйа…» диэн А. Лыткинаҕа аналлаах ахтыы кинигэтигэр суруйан турабын. Ону саната таарыйа аҕыннахпына, ити фестивальга 114 дойдуттан 31 тыһыынча киһи кыттыбыта. Анастасия Лыткина Советскай Союз тыһыынча тоҕус сүүс киһилээх делегациятыгар Саха сириттэн собус соҕотоҕун киирбитэ. Фестиваль түмүгүн кѳрдѳххѳ, Варшаваҕа күн аайы 400-чэ араас мероприятие ыытыллыбыт, 547 концерт туруоруллубут, онтон биирдэстэригэр А. Лыткина «Эҕэрдэтин ырыата» Варшава үрдүнэн лыҥкыныы кутуллубута. Ол күн саха ырыата аан бастаан аан дойду түһүлгэтигэр тахсыбыта. Бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын: саха норуотун аныгылыы, музыкаҕа ууруллубут профессиональнай ырыата! Ити саха вокальнай искусствотын классиката буолбут, номоххо киирбит ырыаны айбыт Семен Данилов, Захар Винокуров уонна ырыаны бастакынан толорбут Анастасия Лыткина айар үлэһиттэр быһыытынан ѳрѳгѳйдѳрѳ уонна кинилэр ааттарын үйэлэргэ хаалларбыт уһулуччулаах ситиһиилэрэ этэ.
Мин ити ааттаммыт дьоннору үһүѳннэрин үчүгэйдик билэттиир этим, кинилэр тустарынан ахтыылары суруйбутум. Ол гынан баран, бу Захар Винокуровка аналлаах кинигэ тахсарынан сибээстээн эттэхпинэ, Захар Порфирьевич Винокуров дьиҥҥээх сахалыы куттаах, улахан национальнай композитор дии саныыбын. Хомолтото диэн, мѳлтѳх доруобуйалаах буолан, консерваторияҕа үѳрэнэрин 3-с куурустан тохтоппута. Ону үрдүттэн сыаналаатахха, анал үрдүк композиторскай үѳрэҕэ суох курдук кѳстѳр. Ол гынан баран, талаан хаһан да дипломунан кээмэйдэммэт. Холобура, Захар Винокуров кылгас олоҕор айан хаалларбыт дьиҥ сахалыы тыыннаах, дууһаны долгутар ырыаларын курдук ырыалары, баҕар, үс үрдүк үѳрэхтээх да буоллун, киһи эрэ кыайан айбата буолуо. Ону бу кинигэҕэ киирбит ахтыылар, кини айбыт айамньылара туоһулуохтара дии саныыбын».

С.И. ТАРАСОВ, саха норуодунай бэйиэтэ.

Бастакы хараҥаччы автора

«…Захар Винокуров ырыаны суруйуунан консерваторияҕа үѳрэнэ сылдьан дьарыктаммыта. Кини айбыт икки ырыата саха музыкатын бастакы хараҥаччыта буолан, кыраныысса таһыгар атын дойдуларга кѳппүттэрэ, холобур, 1946 сыллаахха «Лена биэрэгэр» диэн бастакы ырыата киин куорат телевещаниетыгар коминтерн канаалынан башкир кыыһа сахалыы тылынан толорон, Японияҕа кѳмүс дорҕоон буолан дьиэрэйбитэ. Онтон, эһиги билэргит курдук, 1955 сыллаахха Семен Данилов анаан суруйбут тылларыгар «Эҕэрдэ ырыата» Анастасия Лыткина Варшаваҕа, Аан дойду ыччаттарын уонна студеннарын фестивалыгар толорон, саха ырыатын аатырпыта.
Захар Винокуров ырыаларын аан бастаан ыллаан норуокка таһаарбыт, тарҕаппыт ырыаһыттара: Анастасия Лыткина – «Эҕэрдэ ырыата», «Үбүлүѳй ырыата», «Лена биэрэгэр», Анна Егорова – «Долгунча», «Сибэккилээх түннүккэ», «Сылгыһыт», Лев Попов — «Сүрэҕим тэптэҕиэн», «Булчут», «Таарый-таарый хомускун», Марфа Васильева – «Хоптолор». Мин санаабар, бу үтүѳкэннээх дириҥ иэйиилээх ырыалар уонна ити ырыаһыттар кэрэ куоластара хаһан да саха киһитин сүрэҕиттэн сүтүѳхтэрэ суоҕа.
Захар Винокуров ити ааттаммыт уонна үгүс атын да ырыалара «Кытылыктар кырдаллара», «Чуумпуга», «Арай биирдэ бааһынаҕа», «Балыксыттар», «Дорообо, Москва», «Кыталык», «Эйэ ырыата», «Айхаллан» уонна да атын лирическай, патриотическай ырыалара – театр, кино, эстрада солистара репертуардарыгар киирбиттэрэ уонна үгүс самодеятельнай артистар, хордар таптаан ыллыыллара.
Захар Винокуров ырыаларын таһынан ѳссѳ Николай Туобулаахап «Хатыҥ чараҥ» диэн комедиятыгар музыка суруйбута.
Түмүкпэр этиэхпин баҕарабын, Захар Порфирьевич Винокуров айбыт үлэтэ саха музыкальнай культурата сайдыытыгар биир саҥа кэрдиис үүнүүнү, саҥа сүүрээни – эстраднай хайысханы киллэрбитэ. Тугунан диэтэххэ, кини айбыт ырыаларыгар үгүстэригэр баар, урут саха ырыатыгар суох, киэҥ диапазоннаах мелодия, аныгылыы чэпчэки соҕус үҥкүүлүү ритм уонна сүрдээх күүрүүлээх, эрчимнээх характер.
Саха искусствота, культурата сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьоммутун ахтарбыт-саныырбыт олус наадалаах – бэйэбитигэр даҕаны, ордук үүнэн иһэр ыччаттарбытыгар.
Захар Порфирьевич Винокуров аатын-ааттаан, ырыаларын билиһиннэрэн, киэҥ эйгэҕэ таһааран, тарҕатан, ыллатан улахан сценаҕа ѳйдѳбүнньүк концерт оҥорор буоллар наһаа махталлаах дьыала буолуо этэ дии саныыбын…

Ф.А. БАИШЕВА, СР народнай, РСФСР үтүѳлээх артыыската.

Бэлэмнээтэ: Култуура Намнааҕы салаата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: