Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) сыллааҕы отчуотугар эрэгийиэҥҥэ олохтоох оҥорон таһаарыы эйгэтигэр үтүө хамсааһын баарын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо олохтоох оҥорон таһаарыы 7 территорията тэриллибит. Бу бырайыактарга былааннаммыт инвестиция уопсай кээмэйэ 3,3 млрд. солк. тэҥнэһэр уонна 570-тан тахса оробуочай миэстэ тэриллиэхтээх. Аҥаардас былырыыҥҥы сылы ылан көрдөххө резиденнэр 107,5 мөл. солк. укпуттар. Ити бырайыактарга сүрүннэринэн агропромышленнай комплекс, туризм уонна өҥө эйгэтэ буолаллар – тыа сирдэригэр уонна эрэгийиэн бигэ сайдыытыгар сүрүннэр.
Айсен Нколаев ыйарынан, биисинэскэ көрүллэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү көрүү хаамыыта судургутуйан иһэр. Инвестиционнай-строительнай цикл былырыын 38% сарбыллыбыт — 1360 күнтэн 844 күҥҥэ диэри.
Ааспыт сыллааҕы чахчынан, Саха сиригэр биирдиилээн урбаанньыттары киллэрэн туран, аччыгый уонна орто урбаан эйгэтигэр дьарыктаах дьон ахсаана 125,3 тыһ. киһиэххэ тэҥнэспит.
Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар. Салгыы манна ааҕыҥ.
Бу күннэргэ хоту дойду үгүс олохтоохторо кыстыыр балыктарын булунаары, айахтарыгар сииллэригэр анаан муус аннынан балыктыыллар.…
Күһүн, кыһын хаар түстэҕинэ, ириэрдэҕинэ, суолга муус-хаар бөлтөркөйдөр үөскээн, массыынаҕа да, сатыы дьоҥҥо да мэһэйдииллэр.…
Бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр, Дьокуускай куорат Губинскай уокуругар саҥардыллыбыт Ефимов уулуссата үлэҕэ киирдэ. Бу суол…
Быйыл ахсынньыга Саха сиригэр «Хаар баабыр» («Снежный барс») XXVII Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-успуорт оонньуулара былааннаналлар. Бу тэрээһин…
Анал байыаннай дьайыы зонатыгар Саха сирин тирэх пууннарын үлэһиттэрэ нэдиэлэ иһигэр 11 төгүл тахса сырыттылар.…
Дьокуускайдааҕы Саха политиэхиньиичэскэй лиссиэйигэр «Пилоты будущего» диэн дрону салайыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…