Салгыы
Саха сирэ – сэттэ иһигэр

Саха сирэ – сэттэ иһигэр

02.10.2023, 13:00
Дьиэ-уот агентствотын саайтыттан
Бөлөххө киир:

Арассыыйа үгүс олохтоохторо ипэтиэкэ көмөтүнэн дьиэ атыылаһаллар. 

Чуолаан, РФ хотугу эрэгийиэннэрин олохтоохторо ипэтиэкэнэн дьиэ атыылаһаллара үгүс. Ону эспиэрдэр бу эрэгийиэннэр олохтоохторун хамнастара үрдүгүнэн уонна тутуллан үлэҕэ киирэр дьиэ ахсаана элбэҕинэн быһаараллар. Саҥа тутуллан үлэҕэ киирэр дьиэ-уот элбэх буолан, хамсаабат баай-дуол сыаната эмиэ наһаа үрдүгэ суох дииллэр.

Арассыыйа үрдүнэн ыллахха, үлэлээх-хамнастаах дьиэ кэргэн 27,8 бырыһыана дьиэ ыларыгар ипэтиэкэнэн туһанар кыахтаахтар. Холобура,  2023 сылга атырдьах ыйын туругунан көрдөххө, ипэтиэкэнэн дьиэ ылар кыахтаах ыал ылар өлүүтэ бырыһыаныгар таһаардахха: Ямало-Ненецкэй АУо — 65,0  %, Магадан уобалаһа — 63,2 % , Чукотка АУо — 58,0 %. Саха сирэ — 46,3 бырыһыан. Уонна сэттэ иһигэр киирсибит, онон үчүгэй көрдөрүүлээхтэр ахсааннарыгар сылдьар. Бу испииһэккэ Дагестан, Карачаево-Черкесия, Севастополь атын эрэгийиэннэртэн тиһэх тэбиллибиттэр.

Хаартыска: дьиэ-уот агентствотын саайтыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 апреля
  • -7°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 79% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: