Саха сиригэр 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыт

Share

Саха сиригэр «Дьоруой Ийэ» бэлиэни 2017 сылтан биэрэр буолбуттара. Бу кэмтэн ыла 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 

«Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит уонна Саха сиригэр 15 сылтан аҕыйаҕа суох сыл олорбут ийэлэр наҕараадаланаллар. Кыра оҕото 1 сааһын туолбут, бары оҕолоро 2000 сыл кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаахтар. Наҕараадаҕа эбии 1 мөлүйүөн солкуобайдаах бириэмийэ бэриллэр.

Маны тэҥэ, оҕону иитиигэ уһулуччу үтүөлээх ийэлэргэ «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ (100 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх), «Ийэ Албан аата» I, II, III  истиэпэннээх бэлиэ бэриллэр.

«Ийэ Албан аата» бэлиэни кытта, истиэпэниттэн көрөн, 100-300 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх, бу бэлиэнэн 7-9 оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар. Манна күнүскү үөрэххэ үөрэнэ сылдьар, 23 саастарын туола илик, ону тэҥэ, сокуонунан иитиэх оҕолоро уонна байыаннай иэстэрин толоро сылдьан, киһи олоҕун быыһыы сылдьан өлбүт оҕолоро эмиэ учуоттаналлар.

Уһук Илиҥҥэ саамай үгүс ахсааннаах элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр Саха сиригэр бааллар. Төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ 1-кы миэстэни, Арассыыйаҕа 7-с миэстэни  ылар. Кэнники 5 сылга ийэ буолууну, оҕо аймаҕы өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ 5 төгүл үрдээтэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кыайыы күнүгэр Арассыыйа Дьоруойдарын Николай Соболевы уонна Игорь Юргины чиэстээтилэр

Бүгүн, ыам  ыйын 9 күнүгэр, Улуу Кыайыы 79 сылыгар Дьокуускайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга Арассыыйа дьоруойдарын Николай…

17 минут ago
  • Сонуннар

Бөрөлөөххө Кыайыы күнүнэн миитин буолла

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр миитин буолан ааста. Улуу Кыайыыны уһансыбыт…

45 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ленскэй Чамчатыгар Кыайыы күнүн көрсө испэктээк туруордулар

Ленскэй оройуонун Чамча нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүн көрсө "Төннүҥ, күн сардаҥатын кытта аргыстаһан" диэн театрализованнай…

2 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүү Хоротун олохтооҕо Кыайыы күнүнэн тэлгэһэтин киэргэттэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин олохтооҕо Нина Тимофеева дьиэтин таһын уонна тэлгэһэтин Улуу Кыайыы күнүнэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Болугурдар бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр

Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүнэн сэлэлээн хаамтылар. Кыайыы күнүн туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!»

ЫТЫКТАБЫЛЛААХ  САХА СИРИН ОЛОХТООХТОРО! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!…

4 часа ago