Саха сиригэр 34,2 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар

Саха сиригэр 34,2 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар

15.05.2023, 19:15
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр төрөөһүн эбиллэрэ — өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар демографическай бэлиитикэ биир сүрүн соруга буолар. Ол да иһин төрөөһүн көрдөрүүтүгэр Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйаҕа 89 эрэгийиэнтэн сэттис миэстэлээх. Сотору кэминэн Саха сирин олохтооҕун ахсаана 1 мөлүйүөҥҥэ тиийэр чинчилээх.

Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара эбиллэр. 2020 сыллаахха 31 562 элбэх оҕолоох ыал баар эбит буоллаҕына, 2023 сыл тохсунньутугар 34 230 ыал буолбут. Кинилэр оҕолорун ахсаана — уопсайа 118 778. 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара 1331 ыалынан, оҕо ахсаана 6916-нан эбиллибит.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр хастыы оҕолоох буолар эбиттэрий? Үс оҕолоохтор – 23 290 ыал (68%). Кинилэртэн тыа сиригэр олорооччулара — 53,8%, куораттарга — 46,2%.

Кэнники кэмҥэ дьиэ кэргэттэри өйүүргэ, оҕо төрөөһүнүн элбэтэргэ, кэккэ босуобуйалар, төлөбүрдэр бааллар, элбэх оҕолоох ыалларга сир, дьиэ, тырааныспар бэриллэр, тустаах сокуоннар ылыллаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 мая
  • 5°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 48% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: