Салгыы
Саха сиригэр 5 саҥа ойуур баһаарын буллулулар

Саха сиригэр 5 саҥа ойуур баһаарын буллулулар

Ааптар:
29.08.2023, 10:45
Галина Мозолевская хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 124 га иэннээх сиргэ саҥа 5 баһаар күөдьүйбүтүн буллулар. Итиэннэ Өлүөхүмэ уонна Орто Халыма оройуоннарыгар 11,7 тыһ. га иэннээх 4 баһаар бохсулунна. Бу туһунан СӨ экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрэр.

Атырдьах ыйын 29 күнүнээҕи туругунан, 37 084 га иэннээх сиргэ умайар 16 ойуур баһаара баар: 7 — Өлүөхүмэҕэ, 3 — Алдаҥҥа, 2 — Орто Халымаҕа, 2 — Ньурбаҕа, 1 — Үөһээ Халымаҕа, 1 — Уус Маайаҕа.

Баһаардары умуруорууга 333 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: