Салгыы
Саха сиригэр 50, 60 эбэтэр 70 сыл холбоһон олорбут ыалларга 50 тыһ. солк. ананыаҕа

Саха сиригэр 50, 60 эбэтэр 70 сыл холбоһон олорбут ыалларга 50 тыһ. солк. ананыаҕа

Ааптар:
16.05.2024, 09:30
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн көрүүтүгэр норуот дьокутааттара дойдуга Дьиэ кэргэн сылыгар  Саха сиригэр өр кэмҥэ ыал буолан холбоһон олорбут дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх аадырыстаах төлөбүр аныырга сокуон барылын оҥорон киллэрдилэр.

Докумуоҥҥа быһаарылларынан, саҥа сокуон барыла дьиэ кэргэн үнүстүүтүн бөҕөргөтөр, элбэх көлүөнэлээх дьиэ кэргэн оруолун уонна суолтатын үрдэтэр, үгэс быһыытынан ыал буолуу сыаннастарын киэҥ маассаҕа тарҕатар, үүнэр көлүөнэни духуобунас уонна майгы өттүнэн иитэр, дьиэ кэргэттэр социальнай көхтөрүн күүһүрдэр инниттэн ырытан оҥоһуллубут. Сокуон барыла Ил Түмэн саайтыгар таҕыста.

Чуолаан, сокуон барылынан кэргэннии дьоҥҥо эрдии-ойохтуу буолууларын судаарыстыбаннайдык регистрациялаабыт күннэриттэн ыла 50, 60 эбэтэр 70 сылларынан сибээстээн биир кэмнээх 50 000 солк. харчынан төлөбүр ананыаҕа.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду 19 субъектарыгар эрэгийиэннээҕи сокуоннарынан уһуннук бииргэ олорбут кэргэнниилэргэ социальнай өйөбүл дьаһаллара, ол иһигэр харчынан төлөбүрдэр олохтоммуттара биллэр.

Саха сиригэр статистика дааннайынан гражданскай турук аахталарын суруйуу уорганнарыгар регистрациялаах эрдии-ойохтуу буолан 50, 60 уонна 60 тахса сыл бииргэ олорбут дьиэ кэргэн ахсаана быйыл маннык: 50 сыл — 280, 60 сыл — 58, 60 тахса сыл – 52.

Сокуон барыла ылылыннаҕына, бу сыл от ыйын 8 күнүттэн олоххо киириэҕэ. Бу бырааһынньык күн дойдуга Дьиэ кэргэн, таптал уонна итэҕэл күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл бу күн бэнидиэнньиккэ түбэһэр.

Санаттахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин дьаһалынан сэттис (уочараттаах) пленарнай мунньаҕа Дьокуускай куоракка бэс ыйын 18-19 күннэригэр олохтоох бириэмэнэн 10 чааска ыытыллыаҕа.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: