Бу күннэргэ Саха сиригэр эмискэ сылыйара күүтүллэр
Саха сирин үгүс оройуонугар эмискэ сылыйара күүтүллэр. Ол Красноярскай кыраайтан циклон кэлэрин кытта ситимнээх диэн Гидрометцентр начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрэр.
«Бу нэдилэҕэ Саха сирин хас даҕаны циклон таарыйан ааһар. Онон өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуонугар биллэ сылыйыаҕа. Красноярскайтан кэлбит циклон сабыдыалын бастакынан арҕаа сытар улуустар билиэхтэрэ. Мииринэйгэ уонна Өлүөхүмэҕэ -1…+3 буолара күүтүллэр, кыралаан хаар түһүө», — диир Татьяна Маршалик.
Кулун тутар 19-20 күннэригэр киин оройуоннарга -6…-11 кыраадыс буолуоҕа. «Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ температура плюс буолуон сөп», — диэн Маршалик күн-дьыл туругун туһунан санаатын үллэстэр.
Бу түүн Дьокуускайга уонна киин оройуоннарга салгын температурата -30 кыраадыска тиийэ түһүөҕэ, онтон салгыы циклон кэлиитинэн 10-15 кыраадыһынан үрдүөн сөп. Оптуорунньукка күнүс -5…-7 кыраадыска тиийэ сылыйара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: