Салгыы
Саха сиригэр киэҥник тарҕамматах оҕуруот аһын үүннэрии (сүбэлэр)

Саха сиригэр киэҥник тарҕамматах оҕуруот аһын үүннэрии (сүбэлэр)

Ааптар:
11.04.2024, 11:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр даачалаах дьон уонна чааһынай ыаллар бэйэлэрин учаастактарыгар киэҥник биллэр оҕуруот үүнээйилэриттэн оҕурсуну, помидору, моркуобу, сүбүөкүлэни, үрүҥ сүрэхтээх хаппыыстаны үүннэрэн, үчүгэй үүнүүнү ылар буолбуттара ыраатта. Маны таһынан, сорох оҕуруоччуттар кэнники бириэмэҕэ сылааһы сөбүлүүр үүнээйилэртэн арассааданан кабачогу, патиссону, биэрэһи, баклажаны уонна ас амтанын тупсарар укуруобу, петрушканы ордук үүннэрэр буоллулар.

Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар үүннэриэххэ сөптөөх, ол гынан баран, кыайан киэҥник тарҕамматах оҕуруот аһа элбэх. Олор истэригэр сылааһы сөбүлүүр үүнээйилэр: тыква, арбуз, дыня, лагенария, физалис уонна элбэх сыллаах, биһиги кыһыммытын тулуйар ревень, кииһилэ, ону таһынан, олохтоох нэһилиэнньэ үгүс өттө олох да билбэт салаат араас көрүҥнэрэ, шпинат, отонноох шпинат, пекинскэй хаппыыста, “огуречнай” от. Ити үүнээйилэри элбэҕи көрө-билэ сатааччы сорох оҕуруоччуттар үүннэрэллэр.

Бахча култууралара (арбуз, дыня, тыква) уонна лагенария син биир оҕурсу, кабачок, патиссон курдук, тыква бииһин ууһугар киирэллэр. Кинилэр күн көрөр сылаас сиригэр олус түргэнник, үчүгэйдик үүнэллэр, хаһыҥы олох тулуйбаттар. Силистэрэ почва дириҥ араҥатыгар тиийэр буоланнар, курааны үчүгэйдик тулуйаллар. Вегетационнай кэмнэрэ уһун, ол иһин Саха сиригэр теплицаҕа, парникка эбэтэр пленканан сабан, сылаас кирээдэҕэ арассааданан олордон, уопуттаах оҕуруоччуттар үчүгэй үүнүүнү ылаллар.

Сүбэлэр

Бары бахча култууралара сыыллан үүнэллэр. Умнастара элбэх, улахан сэбирдэхтээхтэр, лабаалаахтар, астара бөдөҥнөр. Биһиги кылгас сайыммытыгар үүнүү ылар сыалтан, аҥаардас биир умнаска суордуттан көрөн, аҕыйах 2-3 аһы хаалларан үүннэриэххэ сөп. Хас сэбирдэх аайы хонноҕуттан тахсар умнастары барыларын үргээн иһэллэр. Сибэккилэр араас үөннэр-көйүүрдэр (ордук тигээйилэр) көмөлөрүнэн хардары-таары куоппардыһаллар.

Сэбирдэхтэрэ уонна эдэр уктара сиэнэр күөх үүнээйилэр бөлөхтөрүгэр элбэх оҕуруот астара киирэллэр: салаат, шпинат, кресс-салаат, укуруоп, сэбирдэх-петрушка, пекинскэй хаппыыста, “огуречнай” от, кииһилэ, ревень уо.д.а. Кинилэр тымныыны тулуйумтуо уонна эрдэ ситэр буоланнар, саас эрдэ 20-30 хонугунан бородууксуйаны ыларга табыгастаах үүнээйилэр. Ону таһынан, быыстала суох 5-7 хонугунан арыттаан ыстахха, сайын устата, хойут күһүҥҥэ диэри сибиэһэй элбэх битэмииннээх аһы ылыахха сөп. Үүнүүнү олус эрдэ ылар туһуттан саас теплицаҕа, парникка эбэтэр пленканан сабан үүннэрэллэр.

Оҕуруокка үүнэр кииһилэ

Күөх үүнээйилэри оҕуруот сирин соҕуруу өттүгэр быйаҥ буордаах сиргэ үүннэрэр ордук. Бытааннык тыллар сиэмэлэри ыһыах иннинэ кыһаллан туран бэлэмниир наада. Үүнээйилэр бары сырдыгы сөбүлүүллэр, ханнык баҕарар күлүк үүнэллэрин бытаардар. Үүнээйилэр быган тахсыбыттарын кэннэ бэйэ-бэйэлэрин мэһэйдэппэттэрин курдук, убаталлар уонна сыыс оттору үргүүллэр. Бары күөх үүнээйилэр сииктээх буору, сииктээх салгыны сөбүлүүллэр, ол иһин тиһигин быспакка сөбүн көрөн уу кутары көрдүүллэр. Күөх үүнээйилэр ыарыыларын уонна кинилэри буортулуур үөннэри-көйүүрдэри утары охсуһарга ханнык да дьааттаах химикаттары туттар кытаанахтык бобуллар.

Туһалаах кинигэ

Үөһээ этиллибит киэҥник тарҕамматах, ол гынан баран, кэлэр өттүгэр үчүгэй кэскиллээх оҕуруот үүнээйилэрэ туох туһалаахтарын, үүннэриэххэ сөптөөх суортар кылгас характеристикаларын, үүннэрии агротехникаларын, эҥин араас аһылыктары бэлэмниир ырыссыаптар тустарынан сиһилии суруллубут “Саха сиригэр кэскиллээх тарҕамматах оҕуруот үүнээйилэрэ” диэн кинигэ соторутааҕыта бэччээттэнэн таҕыста.

Биһиги оҕуруот үүнээйилэрин хомуйан баран тута сибиэһэйдии сайын уонна күһүн кылгас бириэмэҕэ астары бэлэмнииргэ туттабыт. Үгүс оҕуруот астара, ордук күөхтүү сиэнэр үүнээйилэр, хомуур кэнниттэн сотору соҕус буолаат, буорту буолан бараллар, сибиэһэйдии уһуннук хаһаанарга сөбө суохтар. Өр бириэмэҕэ кыһын устата оҕуруот астарын күннээҕи аһылыкка туттар сыалтан, хаһааныы араас ньымаларын (тууһааһын, кэнсиэрбэлээһин, барыанньалааһын, тоҥоруу, куурдуу) хайдах туһанарга аналлаах сүбэлэр бу кинигэҕэ бааллар. Кинигэни Дьокуускай куорат кинигэ маҕаһыыннарыгар: “Книжный дом”, Орджоникидзе уул. 17 (т. 34-10-12), “Учебник”, Ленин пр.13 (т. 32-53-68), “Книжный мир”, Ленин пр. 42 (35-44-08), “Склад магазин”, Красильников уул. 3 (47-35-52) атыылыыллар.

Сибиэһэйдии сиэнэр доруобуйаҕа улахан туһалаах, элбэх битэмииннэрдээх оҕуруот үүнээйилэрин үүннэрэр Саха сирин бары оҕуруоччуттарыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Прасковья ЛЬВОВА,

 агроном, биологическай наука кандидата, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,

РФ үрдүк үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ.

edersaas.ru архыыбыттан.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: