Саха сиригэр оҥоһуллубут беспилотниктар көмөлөрө улахан
Саха сиригэр оҥоһуллубут беспилотниктар байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр боруобалааһыны ситиһиилээхтик ааһан, байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһөллөр.
-Биһиги беспилотниктары оҥорооччуларбыт байыастар этиилэрин уонна баҕа санааларын учуоттаан, тиэхиньикэ кыаҕын өссө тупсарарга бэлэмнэр. Саха сирин саҥа беспилотниктарынан Арассыыйа инженернэй сэриилэрин анал подразделениеларын оператордара (Саха сирэ) туһаныахтара.
Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн инструктордар бөлөхтөрө байыаннай эпэрээссийэҕэ үөрэнэн, бастыҥ уопуту уонна наадалаах ньымалары билсибитэ. Бу уопут БПЛА оператордарын үөрэтэр биир кэлим систиэмэ уустук тиэхиньиичэскэй соруктары ситиһиилэхтик толорорго төрүөт буоларын көрдөрдө.
Мин хайыы үйэ анал подразделение оператордарын кытары көрсүбүтүм. Кинилэр Дьокуускайга үчүгэйдик бэлэмнэнэллэрин туһунан кэпсээбиттэрэ. Биһиги оператордарбытыгар уонна кинилэр атын подразделениеларга баар биир идэлээхтэригэр барыта сатаныаҕар эрэнэбин. Ол биһиги кыайыыбытын чугаһатыаҕа. Кинилэргэ ситиһиилэри! – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграмм-ханаалыгар иһиттиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: