Салгыы
Саха сиригэр «Саас» бастакы мультбэстибээл саҕаланна

Саха сиригэр «Саас» бастакы мультбэстибээл саҕаланна

27.03.2024, 14:22
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 31 күнүгэр диэри Дьокуускайга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ атын да улуустарыгар бастакы «Саас» өрөспүүбүлүкэтээҕи мультбэстибээл – куонкурустар, дьаарбаҥкалар, күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара.

Ол курдук Кэбээйи оройуонун Эрбэс арыытыгар кулун тутар 30 күнүгэр «Мормышка» кыһыҥҥы муус аннынан балыктааһын күрэҕэ буолуоҕа. Хас биирдии киһи түргэн тэтиминэн ойбону тэһэргэ уонна балыгы хаптарыыга күрэхтэһиэн сөп. Саамай бөдөҥ балыгы хаппыт хамаанда, ону тэҥэ бастыҥ ойбону алларааччы уонна саамай креативнай хамаанда быһаарыллыаҕа.

Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Мультбэстибээл чэрчитинэн Дьокуускайга «Вкус Якутии» ас бэстибээлэ, «Орто дойду» туркомплекска гастротыйаатыр, «Аччыгый баһаарга» «Весеннее изобилие» олохтоох табаары оҥорооччулар бэстибээл-дьаарбаҥкалара, маастартар уонна маҕаһыыннар «Весенняя оттепель» ювелирнай оҥоһуктарын дьаарбаҥката ыытыллыахтара.

Көхтөөх сынньалаҥы таптааччылар үгэс буолбут оҕунан ытыыга күрэхтэһиэхтэрэ, ону тэҥэ Өлүөнэ очуостарыгар диэри бастакы марафоҥҥа кыттыахтарын сөп.

Айар дьоҕуру сыанылыыр куонкуруска кэтэхтэн уонна күнүскү форматынан кыттыыга Саха сирин бары оройуоннарыттан сайаапкалар киирдилэр. Сабаҕалааһын быһыытынан, бэстибээл тэрээһиннэригэр 30 тыһ. кэриҥэ киһи кыттыаҕа.

Бэстибээл сүрүн сыала-соруга Саха сирин олохтоохторун, бастатан туран, оҕолор уонна улахан дьон айар дьоҕурдарын, ону сэргэ туризмы уонна урбаанньыттары сайыннарыы буолар. Кэлэр өттүгэр «Саас» бэстибээл Арассыыйа уонна атын дойдулар да туристарын тардар тэрээһининэн буолуохтаах.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: