Салгыы
«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ быйыл 12 эрэстэрээн кыттыыны ылар

«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ быйыл 12 эрэстэрээн кыттыыны ылар

27.11.2023, 12:00
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 27 – ахсынньы 3 күннэригэр ыытыллар «Cаха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл хайа күн тэриллиэҕиттэн тэрээһин Саха сирин, Сибиир, Арктика, Уһук Илин төрүт норуоттарын аһын-үөлүн билиһиннэрэн кэллэ.

Ол да иһин уон сыл устата киин куорат, өрөспүүбүлүкэ куораттарын уонна улуустарын кииннэрин эрэстэрээннэрэ уонна кафелара төрүт норуоттар астарын хото астыыр, билиһиннэрэр буоллулар. Бу «Саха сирин амтана» бэстибээл өҥөтө буолара саарбахтаммат. Онон Саха сиригэр ыалдьыттыы кэлбит дьон, бастатан туран, национальнай бүлүүдэни амсайыахтарын баҕаралларын биллэрдэхтэринэ, биһиги эрэстэрээннэрбит утары уунар астара үгүс диэххэ сөп.

«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл өрөспүүбүлүкэбит, нууччалыы эттэххэ, «визитнэй карточкатынан» буолла.

Быйыл дойдуга аатырбыт тэрээһиҥҥэ киин куорат 12 бастыҥ эрэстэрээнэ кыттыыны ылыаҕа. Новосибирскай, Камчатскай уобаластартан, Мурманскай, Хабаровскай, Приморскай кыраайдартан, Ямало-Ненецкэй национальнай уокуруктан ааттаах-суоллаах ресторатордар кыттыахтара. Бочуоттаах ыалдьытынан, дьүүллүүр сүбэ чилиэнинэн Казахстантан «Бамбарбия-Кергуду» эрэстэрээн дириэктэрэ  Серикхан Адильханов буолуоҕа. Урбаанньыт  эт бородууктаны астыыр уонна атыылыыр «Айкул» хампаанньаны төрүттээччи, кулинариянан уонна араас дойду төрүт аһын үөрэтиинэн дьарыктанар.

«Саха сирин амтана» бэстибээл ыытыллыаҕыттан балык уонна эт бүлүүдэлэрэ, үүт ас, отонтон утах эрэстэрээн аайы сакаастанар буоллулар.  Убаһа, сибиинньэ, ынах, таба, тайах, көтөр (тыатааҕы этиттэн эмиэ) эттэриттэн ас арааһа оҥоһуллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: