Ил Дархан Бүлүү өрүс кытылын тупсаҕай оҥорууну көрдө
Ньурба оройуонугар оробуочай сырыытын кэмигэр Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Ньурба куоракка Бүлүү эбэ кытылын тупсаҕай оҥорууну көрдө. Ил Дархан “Диалог” уонна “Урбан планинг” архитектура бюроларын интэриэһинэй бырайыактарын сэргээтэ.
“Бу кырдьык дьон олоҕун тупсарар кэрэ миэстэ. Маннык табыгастаах уопсастыбаннай эйгэни сир аайы тэрийиэххэ”, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Кытыл Ленин уулуссаны кыйа Бүлүү эбэ таһыгар баар. Манна архитектура бырайыагынан элбэх өҥөнү оҥорор куорат былаһаакката аһылынна. Эбийиэк урбааны сайыннарыыга көмөлөһүөҕэ, Ньурба олохтоохторун култуураҕа тардыаҕа.
Санатан суруйдахха, бу кытыл “Сэттэ килэмиэтир” уопсастыбаннай эйгэ ситимин кэлимсэ бырайыагын иккис түһүмэҕинэн буолар. Кытыл киин чааһа “куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан уонна “Дьоҕус куораттар уонна историческай сэлиэнньэлэр” куорат эйгэтин бастыҥ бырайыактарыгар кыайыынан үбүлэммитэ.
“Кэлэр түһүмэххэ 4 км усталаах сиргэ Бүлүү өрүһү кыйа хаамар променад тутуута көрүллэр. 2027 сылга эбийиэги толору киллэриэхпит. Манна 200 маһы олордуохпут”, — диэн Ньурба мээрэ Геннадий Игнатьев иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: