Салгыы
Саха сирин гимнасткалара Сочига хомуурга бардылар

Саха сирин гимнасткалара Сочига хомуурга бардылар

Ааптар:
23.06.2023, 09:00
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран гимнастикаҕа сүүмэрдэммит хамаандата Хара муора кытылыгар, Дагомыска сайыҥҥы хомууру тэрийиэхтэрэ. Арассыыйа уус-уран гимнастикаҕа хамаандатын тириэньэрэ, олимпийскай оонньуулар кыайыылааҕа Ксения Дудкина этэринэн, Саха сирин спортсменкалара Арассыыйа хамаандатын кытта хомуурга кытталлар.

Кыргыттар балтараа ый устата саҥа сезонҥа бэлэмнэниэхтэрэ. Сочи эрчиллэр баазатыгар кытаанах тэтимнээх эрчиллиигэ бары усулуобуйа тэриллибит. Ирина Зиновка хореограбы кытта саҥа бөлөххө анаан саҥа бырагырааманы бэлэмнээн эрэллэр. Сочига кыргыттар эрчимнээхтик, санаа көтөҕүллүүлээхтик эрчиллиэхтэрэ.

Эрчиллэ тиийбит алта кыыс бары санаалара күүстээх, дьаныардаах үлэҕэ бэлэмнэр. Саха сирин талыллыбыт хамаандатын чилиэнэ Виолетта Алексеева:

— Санаа, настарыанньа бэртээхэй. Эрчиллэр сирбит сөптөөх турукка киллэрэр, олус үчүгэй. Күн аайы күүскэ дьарыктанабыт, уопсайа күҥҥэ 11-12 чаас үлэлиибит. Билигин эрчиллии араас көрүҥнэрин тупсарыынан дьарыктанабыт, маллары кытта хамсаныыга үөрэнэбит. Муусукабыт олус үчүгэй.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: