Бэрэсидьиэн дьиэ кэргэҥҥэ сыаннастар төрөппүт тус холобурунан ууруллалларын бэлиэтээн эттэ. Иитии саамай сүрүн ньыматынан тус холобур буолар. «Эһиги үлэҕит түмүгэ — эһиги уолаттаргытыгар», — диэн Марина Бахилинаҕа туһаайан дойду баһылыга махтанан туран эттэ.
Марина Константиновна Дьокуускай куоракка «Берегиня» оҕо киинигэр үлэлиир. Кини уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар, «Масленица» куораттааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕа, буулдьанан ытыы, хайыһар күрэхтэһиилэригэр өрүү кыттар.
«РФ Бэрэсидьиэнин кытары көрсүһүү кэмигэр байыаннай сулууспалаахтар чугас дьоннорун ааттарыттан Владимир Владимировичка, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевка анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга уонна кинилэр чугас дьонноругар көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махталбын тириэртим. Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ үгүстэрэ 200 тыһ. солк. көмөнү ылбыттара. Мин бэйэм эчэйиини ылбыт уолбун кытары Москваҕа тиийэн госпиталга көрсөрбөр, бырайыаһым компенсациятын ылан туһаммытым. Маны таһынан Саха сиригэр байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга уонна уолаттарга баһыылкалары ыытыыга көмө тэриллибитин туһунан кэпсээтим», — диэн Марина Бахилина иһитиннэрдэ.
Марина Константиновна Владимир Путинтан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар итии аһылыгынан хааччыйыы боппуруоһун бэрээдэктииргэ этии киллэрдэ. «Хайаан да итии аһылыгынан хааччыллыахтаахтар. Владимир Владимировичка байыастарга дьиҥнээх туһаны аҕалыахпын баҕарабын диэн эттим. Мин идэбинэн асчыппын. Онон бэйэм баҕа өттүбүнэн анараа тиийэн, бэйэбит байыастарбытын дьиэтээҕи сахалыы аһылыгынан аһатыахпын баҕарабын. Мин дипломмун саха аһыгар көмүскээбитим, аатырбыт Иннокентий Тарбаховка быраактыкабын ааспытым. Бэрэсидьиэн мин боппуруоспунан хайаан да дьарыктаныам уонна төрөппүттэр этиилэрин барытын учуоттуохпут диэн эрэннэрдэ», — диэн Марина Бахилина кэпсээтэ.
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…