Сахамин Афанасьев: «Дьоммор-сэргэбэр туруорбут боппуруостаргытын Арассыыйа таһымыгар туруорсуом диэн мэктиэлиибин»
Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн иккис пленарнай мунньаҕар дьокутааттар кистэлэҥ куоластааһыннарынан Арассыыйа Федерациятыгар сенаторынан Сахамин Афанасьев талылынна. Кини тута саҥа үлэтин туһунан бу курдук кэпсээтэ:
— Миигин бүгүн норуот дьокутааттара Арассыыйа Федерациятын сенаторынан таллылар. Бу миэхэ саҥа хайысха буолар, ханнык кэмитиэккэ киирэрбин саҥа билсэн эрэбин. Кэлэр нэдиэлэҕэ Москваҕа тиийэммин ханнык хайысхаҕа үлэлиирбин дьэ билиэм. Үгүстэр онно тугу үлэлиигин диэн ыйыталлар. Ааспыт сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр кэмҥэ сайдыытын кэскиллээх хайысхаларын туһунан уураах ылыллыбыта. Бу хайысхаларынан ыытыллыахтаах тэрээһиннэр олоххо киириилэрин хонтуруоллаһыам. Федеральнай Бырабыыталыстыбаны, министиэристибэлэри, о.д.а. биэдэмэстибэлэри кытары үлэлииргэ бэлэммин. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын, Ил Түмэн туруорсар боппуруостарын ситимнииргэ сүрүннээн үлэлиэм.
Мин Халыма-Индигиир уокуругуттан дьокутаатынан талыллыбытым. Абый, Муома, Өймөкөөн, Үөһээ Халыма, Орто Халыма дьоно-сэргэтэ миигин итэҕэйэн, өйөөн талбыттара, кинилэр билигин бэйэлэрэ сенаторданнылар. Дьоммор-сэргэбэр туруорбут боппуруостаргытын Арассыыйа таһымыгар үлэлээн туруорсуом диэн мэктиэлиибин. Эһигини кытары ситиммин быспаппын, уопсастыбаннай көмөлөһөөччүлэри анааммын үлэлэһиэм.
Норуот дьокутааттарыгар уонна быыбардааччыларбар улахан махталбын тиэрдэбин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: