Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
«Сахатранснефтегаз» хампаанньа «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны кытары тыа сирин олохтоохторун гаастааһын боппуруоһугар бэс ыйын 14, 15 уонна 16 күннэригэр 14.00 ч. 18.00 ч диэри нэһилиэнньэни кытары көрсүһүөҕэ.
Гражданнар гаастааһын боппуруоһунан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар тиийэн билсиэхтэрин сөп.
«Сахатранснефтегаз» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников кэпсээбитинэн, Саха сирэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа социальнай гаастааһынан бырайыгар Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ лиидэринэн буолар.
«Мин гаастааһын боппуруоһугар боппуруостаах дьону барыларын Дьокуускай куоракка баар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар ыҥырабын. «Сахатранснефтегаз» хампаанньа үлэһиттэрэ сөптөөх сүбэни биэриэхтэрэ эбэтэр социальнай гаастааһыҥҥа сайаапкалары ылыахтара», — диэн эттэ Алексей Колодезников.
«Сахатранснефтегаз» хампаанньа үлэһиттэрэ социальнай гаастааһын боппуруостарыгар эппиэттиэхтэрэ, гааска холбонорго тэхэньиичэскэй ирдэбиллэр тустарынан быһаарыахтара, социальнай гаастааһын чэрчитинэн гааска холбонууга сайаапканы ылыахтара.
Уопсастыбаннай өйөбүл ыстааба Дьокуускай куорат, Курашов, уул. 24, 701 каб.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…