«Сахатранснефтегаз» куорат олохтоохторун уонна суоппардары аймамматтарыгар көрдөһөр

Share

Бэҕэһээ Дьокуускай куорат Киров уонна Лермонтов уулуссаларын быһа охсуһуутугар гаас сыта тарҕаммытын туһунан социальнай ситим нөҥүө сурах тарҕаммыта.

Онно тута «Сахатранснефтегаз» АУо исписэлиистэрэ гаас быыһылыыр сирин булан, бүгүн сарсыардаттан аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни саҕалаатылар. Ол туһунан «Сахатранснефтегаз» АУо пресс-сулууспатын начаалынньыга Василий Амбросьев иһитиннэрэр.

Кини этэринэн, икки миэтэрэ дириҥҥэ сытар турбаларга диэри хастылар даҕаны өрөмүөннээн барыахтара, онуоха элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр гаастара араарыллыа суоҕа. «Бүгүн биир идэлээхтэрим гаас турбата быыһылаабыт сирин өрөмүөннээн, киэһээҥҥэ диэри суолу кумаҕынан-гравийынан бүрүйүөхтэрэ. Оттон аспаалы бэдэрээттээх тэрилтэ халлаан сылыйдаҕына ууруо. Онуоха диэри гаас үлэһиттэрэ ити учаастагы тиһигин быспакка кумаҕынан кутан тэҥнээн иһиэхтэрэ», — диэн Василий Амбросьев бэлиэтээн эттэ.

Хаартыскаҕа көстөрүн курдук, массыына суола бүтүннүү сабыллыбата, айан бу учаастагынан хааччахтаммата. Лермонтов уулусса түөрт балаһатыттан иккитэ сабыллан улахан харгыс суох. Онон «Сахатранснефтегаз» АУо куорат олохтоохторун уонна суоппардары аймамматтарыгар көрдөһөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бөрө үүтээнигэр» туризм тула соргулаах соруктар турдулар

Аҕыйах сыллааҕыта туризмҥа кэлиэҥ диэбиттэрэ буоллар, ол саҕана култуура киһитэ "диэ" диэн саҥа аллайыам эбитэ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ — Андрей Турантаев

Андрей Турантаев саха төрүт сүөһүтүн тэнитэр “Саха сүөһүтэ” генопуонда тэрилтэҕэ 2013 сылтан үлэлиир. – Кылаабынай…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу 20 төгүл элбээтэ

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнөн (ВМП) өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо туһанар бырааптаах. Онуоха эмтиир быраас, балыыһа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тэрилтэлэри бэйэ этинэн хааччыйаллар

Үөһээ Бүлүү олохтоохторо Васильевтар дьиэ кэргэн улуустарыгар бастакы бөдөҥ пиэрмэр бааһынай хаһаайыстыбатын быһыытынан биллэллэр. –…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Бырааска колл-киин нөҥүө суруйтарар судургу

Колл-киин 122 нүөмэригэр эрийэн баран, "1" кунуопканы эбии баттыыгын  уонна көмөлөһөөччү куолаһа тугу этэрин толороҕун.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Шашлыгы буһарарга исписэлиис сүбэтэ

Айылҕаҕа тахсан сынньаныы, шашлык кэмнэрэ саҕаланнылар. Шашлыгы хайдах буһарары бары билэр курдукпут, ким хайдах сатанарынан…

11 часов ago