Сахаттан бастакы лингвист-учуонай Семен Новгородов аатын алмааска иҥэрдилэр
Бөдөҥ алмаас тааска саха бастакы лингвист-учуонайа, сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэтин ааптара Семен Новгородов аатын иҥэрдилэр. Бу алмаас 53 карааттаах.
Санатан эттэххэ, “Саха АССР 100 сылыгар 100 ааттаах алмаас” бырайыак СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна АЛРОСА АХ көҕүлээһининэн олоххо киирбитэ. Семён Андреевич Новгородов 1892 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Боотуруускай улуус (билиҥҥинэн Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэ) 2-с Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Дьокуускайга реальнай училищены бүтэрбитэ. Үөрэнэр кэмигэр саха фольклорун хомуйан саҕалаабыта, сахалыы тылынан литэрэтиирэ уонна бэлиитикэ бастакы сурунаалын тэрийсиигэ кыттыбыта.
Реальнай училище кэнниттэн Еловскай алын сүһүөх оскуолатыгар уонна Бүлүү куорат түөрт кылаастаах училищетыгар преподавателлээбитэ. 1913 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы Императорскай университет илиҥҥи бакылтыаттарын арабскай-персидскай-турецкай, онтон монгол-манчжур-турок салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1914 сыллаахха Орто уонна Илин Азияны үөрэтэр нуучча кэмитиэтин сорудаҕынан, Таатта улууһун фольклорун хомуйбута.
1913 сыл ахсынньытыгар Санкт-Петербург устудьуона Семен Новгородов Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот учууталларын сийиэһигэр кыттар. Манна оҕолору төрөөбүт тылларынан үөрэтэр ирдэнэрин туһунан дакылаат этэр. Сахалыы букубаары ити кэнниттэн 4 сыл буолан баран 1917 сыллаахха таһаарар.
1922 сыллаахха Петроград университетын бүтэрэн баран, Максим Аммосовы кытта Омуктар дьыалаларын норуоттарын комиссариатыгар Саха сирин аатыттан киирэр, Саха АССР кыраныыссаларын олохтуурга кыттар.
С.А.Новгородов 1923 сыл күһүнүттэн Петроградскай университет иһинэн Арҕааҥҥы уонна илиҥҥи тыллар уонна литэрэтиирэлэр устуоруйаларын тэҥнээн көрөр билим-чинчийэр институтугар научнай үлэһит дуоһунаһыгар үлэҕэ киирэр. Дьаныардаах үлэтин түмүгэр кини алпаабытынан Петроградка сахалыы шрифт кутуллубута. Семен Андреевич Новгородов 1924 сыллаахха олунньу 28 күнүгэр өлбүтэ, Санкт-Петербурга Смоленскайдааҕы кылабыыһаҕа көмүллүбүтэ.
“Саха АССР 100 сылыгар 100 ааттаах алмаас” бырайыак иитинэн Саха сириттэн Сэбиэскэй Сойуус уонна Социалистическай Үлэ дьоруойдара буолбут, устуоруйаҕа киирбит дьону уонна Саха сирин биллэр-көстөр уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин ааттарын иҥэрэллэр.
“Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ бастайааннай быыстапка турар, онно аат иҥэриллибит алмаастар туһунан сырдатыллар.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: